Москва дьыалабыай былаһааккаларыгар — Саха сиригэр сайыҥҥы туризмы тэрийии
Москваҕа МITT норуоттар икки ардыларынааҕы 30-с туристическай быыстапка дьыалабыай былаһааккаларыгар аан дойду араас туристическай ассоциацияларыттан, туристическай тэрилтэлэриттэн кэлэн, туризм уонна ыалдьыттааһын индустриятыгар бииргэ үлэлээһин сөбүлэҥнэрин түһэрсэллэр.
Суолталаах тэрээһиҥҥэ Саха сириттэн «Өлүөнэ очуостара» айылҕа национальнай паарката уонна «Ленатурфлот» ХЭУо эппиэттээх салайааччылара кыттыыны ыла сылдьаллар.
— Биһиги сайыҥҥы кэмҥэ туристары угуйар үлэни хайдах ыытарбытын билиһиннэрдибит. Бу күннэргэ бэрт тахсыылаахтык үлэлии сылдьабыт. Ол курдук, 49 эрэгийиэн 348 туристическай ааҕыныстыбатын кытта бииргэ үлэлээһиҥҥэ дуогабар түһэристибит. «С7» бортовой сурунаалга интервью биэрдибит, Саха сирин туристическай индустриятын туһунан кэпсиир устуу туһунан биэс федеральнай телеханаалы кытта дуогабар түһэристибит. Аны дойду илиҥҥи өттүгэр тимир суолунан айаннаан үгүһү көрдөрөр-билиһиннэрэр «Туристическай БАМ» диэн эрэгийиэннээҕи бырайыагы билиһиннэриэхпит, — диэн бэлиэтээтэ «Өлүөнэ очуостара» айылҕа национальнай пааркатын дириэктэрин солбуйааччы Дмитрий Громов.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: