Москва дьыалабыай былаһааккаларыгар — Саха сиригэр сайыҥҥы туризмы тэрийии

Share

Москваҕа МITT норуоттар икки ардыларынааҕы 30-с туристическай быыстапка дьыалабыай былаһааккаларыгар аан дойду араас туристическай ассоциацияларыттан, туристическай тэрилтэлэриттэн кэлэн, туризм уонна ыалдьыттааһын индустриятыгар бииргэ үлэлээһин сөбүлэҥнэрин түһэрсэллэр. 

Суолталаах тэрээһиҥҥэ Саха сириттэн  «Өлүөнэ очуостара» айылҕа национальнай  паарката уонна «Ленатурфлот» ХЭУо эппиэттээх салайааччылара кыттыыны ыла сылдьаллар.

Биһиги сайыҥҥы кэмҥэ туристары угуйар үлэни хайдах ыытарбытын билиһиннэрдибит. Бу күннэргэ бэрт тахсыылаахтык үлэлии сылдьабыт. Ол курдук, 49 эрэгийиэн 348 туристическай ааҕыныстыбатын кытта бииргэ үлэлээһиҥҥэ дуогабар  түһэристибит. «С7» бортовой сурунаалга интервью биэрдибит, Саха сирин туристическай индустриятын туһунан кэпсиир устуу туһунан биэс федеральнай телеханаалы кытта дуогабар түһэристибит. Аны дойду илиҥҥи өттүгэр тимир суолунан айаннаан үгүһү көрдөрөр-билиһиннэрэр «Туристическай БАМ» диэн эрэгийиэннээҕи бырайыагы билиһиннэриэхпит, — диэн бэлиэтээтэ «Өлүөнэ очуостара» айылҕа национальнай пааркатын дириэктэрин солбуйааччы Дмитрий Громов.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

11 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

12 часов ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

12 часов ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

12 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

12 часов ago