Саха сирин волонтердарын уонна уопсастыбанньыктарын икки бөлөҕө Москва куорат доруобуйа харыстабылын департаменыгар киирсэр мэдиссиинэ тэрилтэлэригэр эмтэнэ сытар бааһырбыт байыастары кытта көрүстүлэр.
Сэрии бэтэрээннэрин 2 №-дээх госпиталыгар ДНР-га өрөспүүбүлүкэ тирэх пуунун волонтера, Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин бэрэстэбиитэлэ Марина Бахилина, артыыс уонна продюсер, “Сахафильм” киинэ хампаанньатын салайааччыта Алексей Егоров сырыттылар. Иккиэн буолаары турар РФ Бэрэсидьиэнин быыбарыгар Владимир Путин итэҕэллээх дьонунан буолбуттара. Кинилэри кытта АГАТУ технология уонна салайыы кэллиэһин преподавателэ Мирослав Тарскай сырытта.
Бойобуой дьайыылар кыттыылаахтара, Афганистан сэриитин бэтэрээнэ, “Афганистан бэтэрээннэрин Арассыыйатааҕы сойууһун” Саха сиринээҕи салаатын салайааччыта, Владимир Путин итэҕэллээх киһитэ Валерий Лютай Сэрии бэтэрээннэрин 3 №-дээх госпиталыгар сырытта. Кинини кытта АГАТУ устудьуоннара Петр Нартахов уонна Алина Иванова сырыттылар. Бу килииникэҕэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар мэдиссиинэ көмөтүн оҥорор амбулатория киинэ үлэлиир.
Саха сирин волонтердара 280 киилэ гуманитарнай көмөнү тиэртилэр. Ол курдук, эти, балыгы, көтөр этин, бастакы уочарат наадалаах туттар тэриллэри. Волонтердар Марина Бахилиналыын өрөспүүбүлүкэ Бастайаанннай бэрэстэбиитэлистибэтин остолобуойугар байыастарга аһы бэлэмнээтилэр. Дойдуларын аһа байыастар туруктара тупсарыгар көмөлөһүөҕэ диэн волонтердар эрэнэллэр.
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…
Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…
Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…