Москва кылаабынай онколога – Саха сиригэр

Share

А.С.Логинов аатынан  Москватааҕы килиниичэскэй научнай киин сүрүннүүр исписэлиистэрэ Дьокуускайга онкология ыарыылаахтары эпэрээссийэлээтилэр.  Эпэрээссийэлэртэн биир уустуктарын абдоминальнай хирургияҕа аан дойдуга инники иһэр хирурдартан биирдэстэрэ, Киин дириэктэрэ, Москва  доруобуйаҕа харыстабылын департаменын штаты таһынан кылаабынай онколога Игорь Хатьков оҥордо.

Кини көрдөрөр эпэрээссийэлэрэ  Онкология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерын эмчиттэрэ кыттыылаах оҥоһулуннулар. Исписэлиистэр  быраастар биригээдэлэрэ Москваттан аҕалбыт  үрдүкү технологиялаах тэриллэринэн, ол иһигэр  эксперт-кылаастаах видеоэндоскопиянан үлэлээтилэр.

«Эпэрээссийэ үс көрүҥэ оҥоһулунна. Москва хирурдара кэлиилэрэ, бастатан туран, биһиги исписэлиистэрбитигэр улахан уопуту биэрэр. Биһиги хас биирдии хамсаныыларын көрөбүт, бэйэбитигэр туох эрэ саҥаны бэлиэтиибит”, — диэн онкология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерын кылаабынай бырааһын мэдиссиинискэй чааска  солбуйааччыта Владимир Лезнев быһаарда.

Игорь Хатьков Дьокуускай куорат онкологияҕа сулууспатын үлэһиттэрин уонна диспансер үрдүк технологиянан хааччыллыылааҕын сыаналаата, кинилэр уопуттара улахан интэриэһи үөскэтэрин бэлиэтээтэ.

«Диспансерга дириҥ билиилээх уонна  аныгы үрдүк технология арааһын туһанар идэлээх исписэлиистэр үлэлииллэр. Биһиги хайыы үйэ хаһыс да сырыыбытын бииргэ үлэлиибит (урут Ил Дархан Айсен Николаев уонна Игорь Хатьков салгыы бииргэ үлэлиир туһунан  дьүүллэспиттэрэ. Игорь Хатьков Саха сиригэр кэлэн ноор уонна куртах искэннээхтэргэ эпэрээссийэлэри оҥорон көрдөрбүтэ, тутулла турар онкология диспансерыгар сылдьыбыта). Эпэрээссийэлэри оҥорорго туһаммыт тэрилбит аныгы ирдэбилгэ, халыыпка барытыгар эппиэттиир. Бэл, апробацияҕа эпэрээссийэни өссө куттала суох оҥорорго көмөлөһөр саҥа тэрил баара. Биһиги төһө да уратылардаах эрэгийиэн буолбуппут иһин, өрөспүүбүлүкэ уопута биһигини интэриэһиргэтэр. Уопуттаах уонна ситиһиилээх дьону кытары  санааны үллэстии барыбытыгар туһалаах”,  — диэтэ Игорь Хатьков.

Аан дойду таһымнаах быраас Дьокуускайга онкология салаатын сүрүннүүр исписэлиистэрэ кыттыылаах  научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ кыттар.

Recent Posts

  • Бэрээдэк

Аймаҕар көмөлөһөөрү кирэдьиит ылан, улахан иэскэ киирбит

Дьокуускайдааҕы полиция 1-кы №-дээх отделын дьуһуурунай чааһыгар олохтоох дьахтар кини аатыгар сокуоннайа суохтук 145 тыһ.солк.…

25 минут ago
  • Сонуннар

Сийиэс өрөспүүбүлүкэ бары дьокутааттарын түмтэ

СӨ муниципальнай тэриллиилэрин бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын 3-с сийиэһэ куорат уокуруктарын, тыа сирин нэһилиэктэрин дьокутааттарын түмтэ.…

32 минуты ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Егор Неймохов төрөөбүтэ 75 сылынан “Олох – үйэлээх хапсыһыы” тэрээһиҥҥэ ыҥыраллар

Саха норуодунай суруйааччыта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит  Егор Петрович…

55 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өрөспүүбүлүкэ 13 арктическай оройуонугар — эргиэн логистическай кииннэрэ

Быйыл өрөспүүбүлүкэ 13 арктическай улууһугар барыларыгар эргиэн логистическай кииннэрэ аһылыннылар. Бу соругу Айсен Николаев Судаарыстыбаннай…

57 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Эрдэ көһөрүллүбүт социальнай эбийиэктэр үгүстэрэ быйыл үлэҕэ киирдилэр

СӨ Баһылыга Айсен Николаев 2024 сылга Судаарыстыбаннай Мунньахха (Ил Түмэн) Ыҥырыытыгар биэрбит сорудаҕын толорон, өрөспүүбүлүкэҕэ…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба
  • Үөрэх

Кыыллаах күтүөтэ – Өлүөхүмэ патриота

Бу 2025 сылга Кыыллаах орто оскуолатын кыраайы уонна устуоруйаны үөрэтэр түмэлэ тэриллибитэ 55 сыла. Садот…

1 час ago