Анаабыр улууһун Сааскылаах сэлиэнньэтигэр баар «Тугутчаан» уһуйааҥҥа сүүсчэ Чебурашка «олорорун» билэр этигит дуо?
Москва олохтооҕо Татьяна Ивановна Лобанова 46 сыл устата муспут Чебурашка оонньуурдарын Саха сирин уһуйааныгар бэлэхтииргэ санаммыт. Оттон «Тугутчаан» уһуйааны хайдах талбытын туһунан маннык истиҥ ис хоһоонноох суругу ыыппыт:
— Өрдөөҕүтэ дойдубутугар Чебурашка туһунан ойуулук тахсыбытыгар, ийэм бу дьоруойу олуһун сөбүлээбитин өйдүүбүн. Биирдэ мин 4 саастаахпар дьиэм таһыгар оонньуу сылдьаммын мастар анныларыттан күөх өҥнөөх пластмасс Чебурашканы булан ылбытым. Оонньуур хаһаайынын булбатаҕым, онон дьиэбэр ийэбэр илдьэ кэлбитим. Ити биһиги ыал бастакы Чебурашкабыт этэ. Салгыы хантан эрэ иккис, онтон үһүс оонньуурдары атыыласпыппыт, сыыйа-баайа ыалдьыттар бэлэхтиир буолбуттара. Биирдэ өйдөөн көрбүппүт, сыалай биир ыскаап толору оонньуур буолбут этэ. Ити курдук кэллиэксийэм кэҥээн-хаҥаан, барыта 46 сыл устата бу оонньуурдары муспутум.
Үбүлүөйүм саҕана атын оройуоҥҥа көһөргө санаммытым. Малбын хомуна сылдьан, оонньуурдарым миигин кытта атын дьиэҕэ барсыахтарын баҕарбаттар быһыылаах дуу диэн санаа киирэн ылбыта. Баҕар, кинилэр олохторугар эмиэ саҥаны киллэриэхтэрин баҕараллара дуу? Оттон мин бу оонньууру мунньартан улааппыппын, уруккум курдук оҕолуу онтон үөрбэт буолбуппун өйдөөбүтүм.
Ол санаа кэнниттэн тоҕо эрэ тута Чебурашкаларбын Саха сиригэр ыытыахпын баҕарар эбиппин диэн өй киирбитэ. Миигин куруук хоту сир тардара. Улахан куораттар оҕолоругар оонньуур элбэх буоллаҕа. Мин оонньуурдарбын кимнээх эрэ тутан, эмиэ наһаа үөрүөхтэрин баҕарбытым. Биир уһуйаан электроннай почтатыгар суруйа сылдьыбытым да, хоруйу туппатаҕым.
Арай биирдэ Москватааҕы педагогическай университекка үлэлиир профессор дьүөгэм ыалдьыттыы кэлбитэ. Киниттэн сүбэ көрдөөбүтүм. Биэс да мүнүүтэ буолбаккабыт, уһуйааммытын була, сөбүлэһэ охсубуппут. Арааһа, бу дьылҕа быһыылаах… Чебурашкалар манна кэлэр дьылаҕадара буолуо. Эһиги итэҕэйиэххит суоҕа, ол эрээри бу бүтэһик сылларга мин олохпор саамай үрдүк үөрүүнэн буолбута!
Мин оонньуурдарым кылгас даҕаны кэмҥэ биир эмит киһини үөртэхтэринэ, мин дьоллонуом. Эһиги булуллубуккутугар махтанабын!
Бу курдук, дойдубут киин куоратын олохтооҕо Татьяна Ивановна үтүөтүк уонна истиҥник санаан туран, 46 сыл устата муспут Чебурашка оонньуурдарын баһыылкалаан, Анаабыр уһуйааныгар бэлэх гынан ыыппыта. Оонньуурдар уһуйааҥҥа номнуо «дьиэтийэн», эркин биир муннугун баһылаан «олороллоро» көрүөхтэн кэрэ!
«Аата суох дьикти оонньуурбун, миэхэ маҕаһыыҥҥа ким да наадыйбат» диэн ырыаҕа ылламмыт Чебурашкалар Анаабыр кырачааннарын үөрдэ-көтүтэ, бар дьон сэҥээриитин ыла турдуннар!
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…