Москва үөрэнээччитэ биир кэлим эксээмэҥҥэ рекорд олохтообут
1580 нүөмэрдээх Бауманскай инженернэй оскуоланы бүтэрбит Александра Оглоблина түөрт биридимиэккэ биир кэлим эксээмэни туттарбыт – нуучча тылын, математиканы (уустугурдуллубут), физиканы уонна информатиканы. Итиэннэ барытыгар 100-түү баалы ылбыт!
Москватааҕы үөрэх уонна билим департаменын телеграмыгар Саша туйгуннук үөрэннэр да, эксээмэҥҥэ 10-с кылаастан саҕалаан күүскэ бэлэмнэммитин туһунан санаатын үллэстибит.
“Икки сыл үөрэнэр уонна биир кэлим эксээмэҥҥэ (ЕГЭ) утумнаахтык дьарыктанар буоллаххына эксээмэҥҥэ киһи бэйэтигэр эрэллээх буолар, бэйэбиттэн кыаллары барытын оҥордум дэнэ сананар уонна улаханнык долгуйбат”, – диэн Александра кэпсиир.
Туйгун үөрэнээччи учууталлартан элбэхтик ыйыталаһар, өссө элбэҕи билиэн баҕардаҕына куйаар ситимиттэн булан ааҕар эбит. Бу туһунан дойду киин сонуну тарҕатар ситимнэрэ суруйаллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: