Москва үөрэнээччитэ биир кэлим эксээмэҥҥэ рекорд олохтообут

Share

1580 нүөмэрдээх Бауманскай инженернэй оскуоланы бүтэрбит Александра Оглоблина түөрт биридимиэккэ биир кэлим эксээмэни туттарбыт – нуучча тылын, математиканы (уустугурдуллубут), физиканы уонна информатиканы.  Итиэннэ барытыгар 100-түү баалы ылбыт!

Москватааҕы үөрэх уонна билим департаменын телеграмыгар Саша туйгуннук үөрэннэр да, эксээмэҥҥэ 10-с кылаастан саҕалаан күүскэ бэлэмнэммитин туһунан санаатын үллэстибит.

“Икки сыл үөрэнэр уонна биир кэлим эксээмэҥҥэ (ЕГЭ) утумнаахтык дьарыктанар буоллаххына эксээмэҥҥэ киһи бэйэтигэр эрэллээх буолар, бэйэбиттэн кыаллары барытын оҥордум дэнэ сананар уонна улаханнык долгуйбат”, – диэн Александра кэпсиир.

Туйгун үөрэнээччи учууталлартан элбэхтик ыйыталаһар, өссө элбэҕи билиэн баҕардаҕына куйаар ситимиттэн булан ааҕар эбит. Бу туһунан дойду киин сонуну тарҕатар ситимнэрэ суруйаллар.

What’s your Reaction?
+1
14
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
+1
1

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

5 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

3 часа ago