Москваҕа чулуу үлэһиттэри наҕараадалаатылар
Ахсынньы 10 күнүгэр Москваҕа Арассыыйа эрэгийиэннэрин чулуу үлэһиттэрин наҕараадалаатылар. Ол иһигэр Саха сириттэн туруу үлэһиттэр эмиэ бааллар диэн үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
«Үлэ киһитэ» диэн Арассыыйатааҕы уопсастыбаннай хамсааһын бастакы сийиэһигэр «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйаттан «Үлэ киһитэ» сэртипикээтинэн наҕараадаламмыт дьон иһигэр Саха сириттэн эмиэ бааллар. Ол курдук, наҕараадаланнылар:
Эдуард ПЕТУХОВ, М.Е. Николаев аатынан «РБ №1 – Национальнай мэдиссиинэ киинин» оҕо хирура;
Марина ВАСИЛЬЕВА, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хорообут ХЭТ ыанньыксыта;
Игорь БРУЕВ, «Колмар» ХЭТ өрөмүөннүүр-производственнай баазатын токара;
Игорь КОЛЕСОВ, Нерюнгри оройуонун «ОЛДОЕ» (Рыбное) көс олохтоох аҕа ууһун общиналарын табаһыта.
Маны тэҥэ, Эдуард Петухов уонна Марина Васильева «Трудовая слава России» анал бэлиэнэн наҕараадаланнылар.
Бу наҕараадаламмыт дьон бары бу иннинэ Ил Дархан «Үлэ киһитэ» бириэмийэтин ылан тураллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: