Салгыы
Москваҕа “Хардааччы Бэргэн” олоҥхонон испэктээк турда

Москваҕа “Хардааччы Бэргэн” олоҥхонон испэктээк турда

19.11.2024, 12:31
Хаартыска: sakha.gov.ru саайтан
Бөлөххө киир:

Москватааҕы Губернскай тыйаатырга олоҥхоһут Андрей Титович Титаров “Хардааччы Бэргэн” олоҥхотунан испэктээк турда.

Туруорааччы режиссер Андрей Борисов испэктээги  “олоҥхо этно-рок” истиилинэн туруорбут, онон бас-гитара национальнай үнүстүрүмүөннэри кытта тэҥинэн тыаһаата. Бары да олоҥхолорго курдук, “Хардааччы Бэргэҥҥэ” үтүө уонна хара дьай охсуһуулара, дьоруой дьонун-сэргэтин быыһыыра көстөр.

“Андрей Саввичка махтанабын. Кыратык долгуйбутум. Олоҥхо тыйаатыра Москваҕа кэлэн көрдөрүүтэ — бу син биир ураты буоллаҕа. Дьон сэргээтилэр, ханнык да хос этии наадата суох. Андрей Титович Титаров, биллэн турар, олоҥхобун Москва сыанатыгар көрдөрүөхтэрэ диэн санаабатах буолуохтаах”, — диэн РФ Бэрэсидьиэнин иһинэн Саха сирин бастайааннай бэрэстэбиитэлэ Андрей Федотов испэктээк туһунан санаатын үллэһиннэ.

Олоҥхо тыйаатыра испэктээги “Биеннале театрального искусства. Уроки режиссуры” VIII Бэстибээл чэрчитинэн көрдөрдө, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
21 ноября
  • -29°C
  • Ощущается: -29°Влажность: 69% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: