Москваҕа «Лужники» стадиоҥҥа ыытыллыбыт миитин-кэнсиэркэ 200 000 киһи сырытта
Бэҕэһээ Москваҕа «Лужники» стадиоҥҥа ыытыллыбыт «Слава защитникам Отечества» миитин-кэнсиэркэ 200 000 киһи кыттыбытын туһунан РФ ис дьыалаҕа министиэристибэтин бэрэстэбиитэлэ Ирина Волк иһитиннэрдэ.
«Бу улахан тэрээһиҥҥэ Москва олохтоохторо уонна ыалдьыттара, уопсайа 200 000 киһи кытынна. Улахан спортивнай аренаҕа 90 000 көрөөччү, оттон аттынааҕы территорияҕа 112 000 кэриҥэ киһи сырытта», – диэн Волк эттэ.
Миитин-кэнсиэркэ дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин кытынна. Кини оборуона миниистирэ Сергей Шойгуну кытары көрсөөт, кэнсиэркэ кэлбитин туһунан уонна: «Бу билигин аҕай, дойду үрдүкү байыаннай салалтата, байыаннай дьайыыга биһиги дьоммут хорсуннук киирсэ сылдьалларын туһунан дакылааттаатылар. Аҕа дойдуларын, дьиэ кэргэттэрин көмүскүү сылдьар дьоммутунан киэн туттабын», –диэн Путин эбэн эттэ.
Улахан тэрээһиҥҥэ Олег Газманов, Shaman, Николай Расторгуев уонна да атын биллэр артыыстар кытыннылар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: