Москваҕа Михаил Николаевтыын бырастыылаһыы саҕаланна
Москва бириэмэтинэн бүгүн күнүс 12 чаастан Саха сирин бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтин дьиэтигэр Олоҥхо саалатыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаевы кытары бырастыылаһыы саҕаланна. Бу туһунан РФ бэрэсидьиэнигэр Саха сирин бастайааннай бэрэстэбиитэлэстибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Бырастыылаһыыга Михаил Ефимович аймахтара, чугас дьоно, Москваҕа олорор Саха сирин дьоно-сэргэтэ, бииргэ үлэлээбит, алтыспыт доҕотторо, үөлээннээхтэрэ, үөрэнээччилэрэ кэллилэр.
Кутурҕаннаах миитини Василий Власов иилээн-саҕалаан ыытар. Василий Михайлович: “Ааспыт үйэ 90-с сылларын саҕаланыытыгар биһиги дойдубутугар саҥа кэм саҕаламмыта. Дойдубутун саҥаттан атаҕар туруорар кэммит үүммүтэ. Дойду үрдүнэн буола турар улахан уларыйыыларга-тэлэрийиилэргэ Саха сирэ туора турбатаҕа. Саҥа кэм ирдэбилинэн саҥа лидер, барыбытын сирдээн илдьэр киһибит наада этэ. Ол киһинэн Михаил Ефимович Николаев буолбута”, — диэтэ.
Сарсын, атырдьах ыйын 7 күнүгэр, Дьокуускайга Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет судаарыстыбаннай тыйаатырыгар сарсыарда 10 чаастан киэһэ 20 чааска диэри Михаил Ефимовиһы кытары бырастыылаһыы буолуоҕа. Кинини тиһэх суолугар атырдьах ыйын 8 күнүгэр дойдутугар Хаҥалас улууһун Өктөмүгэр атаарыахтара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: