Москваҕа “Муравьёв-Амурскай 2030” бырагырааманы бүтэрээччилэр бастакы мунньахтара буолла
Тэрээһиҥҥэ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарар министиэристибэ баһылыга Алексей Чекунков кытынна.
Көрсүһүү кэмигэр выпускниктар соруктарын, ону тэҥэ, эрэгийиэннэр кыһалҕаларын быһаарар көҕүлээһиннэри ырыттылар. Итини сэргэ үлэҕэ киирии уонна бырагырааманы тупсарыыга этиилэр боппуруостарын көрдүлэр. Икки аҥаар сыл устата бырагырааманы 96 эдэр киһи бүтэрдэ. Улахан аҥаардара Уһук Илиҥҥэ атын эрэгийиэннэртэн көспүттэр итиэннэ эрэгийиэннээҕи былаас уорганнарыгар үлэлииллэр (41 киһи), муниципалитекка (4 киһи), үрдүк үөрэххэ (12 киһи), федеральнай структураларга (6 киһи). Атын бүтэрээччилэр эрэгийиэннэр каадровай эрэсиэрбэлэригэр киирбиттэр, үлэҕэ аныылларын кэтэһэллэр.
Выпускниктар экэниэмикэни, куорат инфраструктуратын, тутууну уонна оҥорон таһаарыыны, социальнай эйгэни, үөрэҕи уонна туризмы сайыннарыынан дьарыктаналлар. “Бырагыраама иитинэн биһиги Уһук Илин уокурук эрэгийиэннэрин уонна салааларын кыһалҕаларыгар, ону ырытыыга ылсыбыппыт. Бу тугунан да кэмнэммэт уопут” – диэн Саха сирин Бырабыыталыстыбатын бастакы вице-премьерин сэкирэтэрийээтин салайааччыта Антон Артемьев санаатын үллэстэр.
“Кэпсэтии аһаҕастык уонна кырдьыктаахтык барда. Судаарыстыбаннай сулууспа – бу бэйэтэ табыллан, сатанан хаалар суол буолбатах. Номнуо биһиги министиэристибэбитин уонна Уһук Илини сайыннарар корпорацияны кытта көхтөөхтүк үлэлэһэр бүтэрээччилэр күүстээх холбоһуктара таҥыллыбыта суолталаах” – диэн Алексей Чекунков бэлиэтээтэ.
Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: