Москваҕа инники технологиялар пуорумнарын түмүгэ таҕыста
Саха сирин учуонайдара квантовай технологиялары уонна да атын дьоһун суолталаах хайысхалары сайыннараллар. Кинилэр «Вычисления и связь. Квантовый мир» диэн инники технологиялар пуорумнарыгар көхтөөхтүк кытыннылар.
Пуорум 2023 сылга «Бириэмэни урутаан» тускулунан ыытылынна. Пуорум сүрүн соруга -– аан дойдуга эппиэттэһэр технологиялары сайыннарарга уонна олоххо киллэрэргэ судаарыстыбаны, науканы уонна биисинэһи көҕүлээһин. Тэрээһин Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин биллэрбит Наука уонна технологиялар уон сылларын чэрчитинэн ыытылынна.
«Биһиги сүрүн сорукпут -– экэниэмикэни хаачыстыбалаах таһымҥа таһаарыы. Онуоха биһиэхэ көннөрү наука оҥоһуулара уонна базовай быһаарыылар эрэ буолбакка, технология уонна оҥорон таһаарыы ситимэ баар буолуохтаах», -– диэн 2030 сылга диэри национальнай бырайыагы бэлэмнииргэ эттэ.
Квантовай технологиялар сайдалларыгар эппиэттиир судаарыстыбаннай корпорациялар бэйэлэрин наукаҕа үлэлэрин бэрэсидьиэҥҥэ билиһиннэрдилэр.
Ону таһынан пуорумҥа 2024 сыл бүтүүтэ «Сколково» инновация киинин базатыгар квантовай кластеры арыйар туһунан иһитиннэрдилэр. Кластеры арыйыы «Росатом» ГК уонна Арассыыйа квантовай киинин икки ардыларыгар түһэрсиллибит сөбүлэһии сүрүн пуунунан буолла.
Пуоруму арыйбыт ICQT 2023 аан дойдутааҕы научнай кэмпириэнсийэ «кыраныыссата суох» тэрээһининэн буолла уонна Арассыыйа, Индия, Бразилия, Кытай, Франция, Швеция, Беларусь, Германия уонна Австралия учуонайдарын түмтэ. Былаһааккаҕа аан дойдутааҕы бииргэ үлэлээһин уонна уопсай бырайыактары олоххо киллэрии туһунан кэккэ кэпсэтиилэр буоллулар. Чуолаан, учуонайдар квантовай космос сибээһигэр тестированиеҕа Арассыыйа-Кытай боруобалааһынын туһунан кэпсээтилэр.
Пуорумҥа барыта 1400-тэн тахса киһи сырытта, кинилэртэн 750 исписэлиис -– Арассыыйа уонна омук сирин 80-тан тахса үөрэх уонна научнай-чинчийэр тэрилтэлэртэн кэлбит, 250-на – сонуну киэҥник тарҕатар сириэстибэлэр бэрэстэбиитэллэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: