Москваҕа олоҥхону толордулар

Share

Сэтинньи 25 күнүгэр сыллата өрөспүүбүлүкэҕэ Олоҥхо күнэ бэлиэтэнэр. Бу күн 2005 сыллаахха ЮНЕСКО олоҥхону киһи-аймах тылынан нэһилиэстибэтин кылаан айымньытынан биллэрбитэ. Быйыл Олоҥхо күнэ дойдубут килбэйэр киинигэр Москваҕа эмиэ ыытылынна.

«Арассыыйа» норуоттар икки ардыларынааҕы быыстапка-пуорумҥа Саха сирин павильонугар Олоҥхо тыйаатырын артыыстара олоҥхону толордулар.

Ол курдук, биллэр олоҥхоһут, СӨ үтүөлээх артыыһа Валентин Гаврильевич Исаков бэйэтэ айбыт «Эрбэхчэй Бэргэн» олоҥхотун уонна Былатыан Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотуттан быһа тардыыны толордо.

Оттон СӨ култууратын туйгуна Василина Баланова-Кэрэмэс Лыҥкыр Н.П. Бурнашев «Кыыс Дэбилийэ» олоҥхотуттан уонна Шараборин-Кумаров «Дуо Бухатыыр» олоҥхотуттан быһа тардыылары толордо, кылыһахтаах кэрэ куолаһынан тойук туойан намылытта.

Ону тэҥэ, Василина Баланова быыстапка кыттааччыларыгар, баҕалаах дьоҥҥо олоҥхону олохсуйбут төрүт үгэһинэн  толорорго маастар-кылаастары ыытта.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

21 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

3 часа ago