Салгыы
Москваҕа саха тылыгар маастар-кылааһы ыыттылар

Москваҕа саха тылыгар маастар-кылааһы ыыттылар

15.01.2024, 14:43
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Москваҕа «Арассыыйа» быыстапка-пуорумҥа саха тылыгар үөрэтэр маастар-кылаас буолан ааста. Кэлбит дьон саха алпаабытын кытта билистилэр,  дорҕооннору уонна сахалыы дорооболоһор, билсэр-көрсөр тыллары үөрэттилэр.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-киинэ.

Ыалдьыттар олоҥхону олус интэрэиһиргээтилэр. Маастар-кылаас бүтүүтэ олоҥхоттон устуруокалары ааҕан баран, олус астыннылар.

Бу маастар-кылааһы А.П. Гайдар аатынан Киин оҕо бибилэтиэкэтин сүрүннүүр бибилэтиэкэрэ Марианна Борисова ыытта. Кини саха суругун-бичигин, сахалыы буукубаар үөскээһинин туһунан кэпсээтэ.

Маны тэҥэ, саха тылын үөрэтиэн баҕалаах нууччалыы саҥарар дьоҥҥо аналлаах, И.И. Каратаев, Т.И. Каратаев босуобуйаларын көрдөрдүлэр. Босуобуйа букубаар, кэпсэтинньик уонна ыйынньык быһыытынан туһаныллар.

Быыстпака-пуорум ыалдьыттара Саха сирин,  саха тылын туһунан интэриэһиргииллэрэ көһүннэ. Кинилэр Петроградскай университеты бүтэрбит, сахалыы букубаары оҥорбут, аатырбыт лингвист Семен Новгородов туһунан болҕойон иһиттилэр.

«Арассыыйа» быыстапка-пуоруму бэрэсидьиэн Владимир Путин көҕүлээбитэ, хас да ыйы быһа ВДНХ-ҕа ыытылла турар, эрэгийиэннэр ситиһиилэрин, уратылары көрдөрөр, билиһиннэрэр сыаллаах.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: