Москваҕа ыһыах ыстылар

Share

От ыйын 13 күнүгэр, дойдубут тэбэр сүрэҕэр Москва  куоракка, «Коломенское» музей-заповедник территориятыгар сахалар национальнай бырааһынньыкпыт Ыһыах ыһылынна.

Күн устата манна 2Москва куорат олохтоохторо уонна ыалдьыттара сырыттылар, норуоппут үтүө үгэстэрин, духуобунай култууратын, устуоруйатын кытта билистилэр, үөрүүбүтүн үллэһиннилэр.

Ыһыах Москва куоракка ыытыллыбыта хаһыс даҕаны сыла буолан, киин куорат култуурунай уонна уопсастыбаннай олоҕор биир чаҕылхай тэрээһининэн буолар.

«Коломенскай» музей-заповедник балаһаакката күн устата Саха сирин кытта билсэр-көрсөр сиринэн буолла. Манна Саха сирин устуоруйатын чахчытынан, анал байыаннай дьайыыга сыһыаннаах экспозиция,  быыстапка, уус-уран оҥоһуктарын атыыта, ювелирнай киэргэллэрин быыстапка-дьаарбаҥката тэрилиннэ. Итиэннэ Саха сирин маастардарын, уран тарбахтаахтарын маастар-кылаастара уонна презентациялара буолла.

Норуоппут төрүт аһын-үөлүн амсайыы элбэх киһини түмтэ, интириэһиргэттэ. Айар кэллэктииптэр уонна өрөспүүбүлүкэ биллиилээх артыыстара ыллаан-туойан иһитиннэрдилэр, норуодунай көстүүмнэргэ уонна норуодунай фольклору толорууга куонкурустар, саха төрүт спортивнай оонньууларыгар күрэхтэһиилэр ыытылыннылар.

What’s your Reaction?
+1
8
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
2

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

11 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

12 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

14 часов ago