Сэтинньи 21-22 күннэригэр Москваҕа “Точки кипения — Арбат” былаһааккаҕа ыытыллар оскуола үөрэнээччилэрин пуорумнарыгар, Уһук Илин уокурукка олох, үөрэх, үлэ уонна сынньалаҥ туһунан кэпсээтилэр. Тэрээһин Москваҕа Уһук Илин эрэгийиэн күннэринэн патриотическай тыыҥҥа иитии чэрчитинэн буолла. Тэрээһиҥҥэ Москва, Калуга, Брянскай уонна Москва уобалаһын үрдүкү кылааһын үөрэнээччилэрэ кытталлар.
Пуорум сүрүн чааһа Уһук Илин уокурук үрдүк үөрэҕин тэрилтэлэрин билиһиннэриигэ ананар. Улахан кылаас үөрэнээччилэрин кытта көрсүһүүгэ үрдүк үөрэх кыһаларын бэрэстэбиитэллэрэ Уһук Илиҥҥэ ордук ирдэнэр исписээлинэстэр үөрэхтэрин туһунан кэпсээтилэр. Ону таһынан, спикер быһыытынан бэйэлэрин эрэгийиэннэригэр уонна Арассыыйаҕа биллэр биисинэс, билим, култуура бэрэстэбиитэллэрэ Уһук Илин уокурукка олох, үлэ үтүө өрүттэрин туһунан санааларын үллэһиннилэр.
“Уһук Илин уонна Арктика бүгүн дойду кэлиҥҥи кэскилэ түстэнэр сиринэн буолаллар. Дойду атын эрэгийиэннэриттэн Уһук Илиҥҥэ үөрэнэ кэлэр устудьуон ахсаана кэлиҥҥи биэс сылга үс төгүл элбээтэ. Эдэр дьон үөрэнэ, үлэлии, саҥа бырайыактары оҥоро кэлэллэр. Ыччаты тэтимнээхтик сайдар эрэгийиэн, киһи бэйэтэ сайдар кыахтарын арыйар саҥа аныгы тэрилтэлэр сэҥээрдэллэр”, — диэн Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарыы миниистирэ Алексей Чекунков бэлиэтиир.
Хабаровскай урбаанньыта Алексей Заец бэлиэтииринэн, маннык тэрээһиннэр дойду киин чааһын үөрэнээччилэригэр Уһук Илин уокурукка олорорго уонна урбаанынан дьарыктанарга бүгүн усулуобуйа барыта баарын туһунан тиэрдэргэ көмөлөөхтөр.
“Мин дойду киин эрэгийэннэригэр элбэхтик сылдьабын уонна эдэр дьон биһиги хайдах үлэлиирбит, тугунан дьарыктанарбыт туһунан букатын билбэттэрин көрөбүн. Бүгүн Уһук Илиҥҥэ даҕаны харчы оҥорор, олус табыгастаахтык олорор, атын дойдулары, чуолаан Европа дойдуларынааҕар ордук кэскиллээх буолан эрэр Азия дойдуларын кытта бииргэ үлэлэһэр кыахтаахпытын кэпсиибит”, — диэн Алексей Заец этэр.
Арассыыйа суруйааччыта, сценарист, продюсер уонна уопсастыбаннай диэйэтэл, Анимационнай киинэ ассоциациятын бырабылыанньатын чилиэнэ Олег Рой Уһук Илин уокурукка сотору кэминэн култуура эйгэтэ далааһыннаахтык сайдаары турарын этэр.
Пуорум иитинэн үөрэнээччилэр араас, сэргэх ыйытыылардаах анал биктэриинэҕэ кыттан, Уһук Илин туһунан тугу билэллэрин бэрэбиэркэлэннилэр. Кыттааччылар бары бэлэх быһыытынан брендированнай портативнай сэрээттиир тэриллэри туттулар.
Пуорумҥа кыттыыларын туһунан үөрэнээччилэр, кинилэри арыаллаан кэлбит педагогтар санааларын үллэһиннилэр.
“Мин тэрээһинтэн Камчатскай кыраай, Уһук Илин туһунан элбэҕи биллим. Биһиэхэ үрдүк үөрэххэ киирии, АйТи эйгэ туһунан кэпсээтилэр. Ону тэҥэ, Камчатка бэрэстэбиитэлэ кини бырайыактарын көмөтүнэн экскурсиялар, айан туһунан кэпсээнин сэҥээрдим” – диэн Калуга куорат А.С. Пушкин аатынан 6-с нүөмэрдээх оскуолатын үөрэнээччитэ Елена Томчик этэр.
“Маннык тэрээһиннэр бэйэ-бэйэни чугаһаталлар. Уһук Илин чахчы ыраах, ол эрээри, маннык тэрээһиннэр баар буолан чугаһыыр, оҕолорго, улахан дьоҥҥо тиийимтиэ буолар. Манна доҕордуу, эйэҕэс сыһыан, интэриэһинэй көрсүһүү, ураты быһаарылар бааллар. Тус бэйэм иһитиннэриини аныгылыы тиэрдибиттэрин биһирээтим: коммуникативнай сатабыл, сэһэргэһии, квест нөҥүө”, — диэн 1371 нүөмэрдээх “Крылатское” оскуола учуутала Евгения Добротворцева тус санаатын үллэстэр.
Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…
Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга саамай…
Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…
РФ Үөрэҕириитин уонна Үөрэҕи, билими кэтээн көрөр федеральнай сулууспа кэлэр сыллааҕы биир кэлим эксээмэн, сүрүн…
Арассыыйа тимир суоллара (АТС) Кытайы уонна КНДР-ы кытта пассажирдары тиэйиини сөргүтэллэр. Бу туһунан АТС пресс-сулууспата…
Бүгүн СӨ Бырабыыталыстыбатын 2 дьиэтигэр "Конституция -- Арассыыйа быраапка тирэҕэ: Саха сирин аныгы быыбардыыр тиһигин…