Москватааҕы киинэ нэдиэлэтигэр Костас Марсаан кыттар
Норуоттар икки ардыларынааҕы Москватааҕы киинэ нэдиэлэтигэр атырдьах ыйын 25-27 күннэригэр саха режиссера Костас Марсаан былырыын устубут «Детектор» уус-уран киинэтин көрдөрүөхтэрэ.
Москватааҕы киинэ нэдиэлэтэ бэҕэһээ, атырдьах ыйын 23 күнүгэр, аһыллыбыта. Бу нэдиэлэ устата араас былаһааккаларынан киинэ көрдөрүүлэрэ, бэстибээллэр, маастар-кылаастар, лиэксийэлэр, экскурсиялар уонна дьыалабыай бырагыраама чэрчитинэн ыытыллар араас тэрээһиннэр ыытыллыахтара. Киинэ нэдиэлэтин саҕаланыытын «Хужожественнай» киинэ тыйаатырыгар арыйбыттара. Кыттааччылар ортолоругар атын омук дойдутун ыалдьыттара, Арассыыйа киинэ индустриятын сүрүн сирэйдэрэ, олор ортолоругар Жора Крыжовников, Милош Бикович, Алексей Учитель уонна да атыттар бааллар.
«Детектор» уус-уран киинэ Горькай аатынан киностудияҕа оҥоһуллан тахсыбыта. Арассыыйаҕа бу киинэ быракаата былырыын кулун тутар 2 күнүттэн саҕаламмыта. Киинэ сүрэхтэниитэ Саха сириттэн саҕаланарын биир сүрүн сылтаҕа – киинэ режиссерунан Костас Марсаан үлэлээбитэ буолар. Маннааҕы көрөөччүлэргэ Костас Марсаан “Сайсары күөлгэ…” (2016), «Иччи» (2020) киинэлэри устубут режиссер быһыытынан биллэр.
“Детектор” триллер жанрдаах, детектив ис хоһоонноох киинэ. Бырайыакка биллиилээх артыыстар оонньууллар. Сүрүн оруолга Екатерина Вилкова («Вертинский», «Последний богатырь: Корень зла»), Кирилл Кяро («Пассажиры», «Эпидемия», «Лучше, чем люди»), Гела Месхи (1941. Крылья над Берлином», «Летчик», «Сын отца народов») ооньууллар. Биир тутаах оруолу оҕо оонньуур – Катя Темнова бу иннинэ «Манюня» диэн ааттаах кэмиэдьийэҕэ оонньоон көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ылбыта.
Костас Марсан «Детектор» уус-уран киинэтэ Саха сиригэр бастакынан көстүөҕэ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: