«Моя Планета» телеханаал Дьааҥыга үлэлиэҕэ
Быйыл сайын Арассыыйа федеральнай телеханаалларыгар Саха сирин туристическай эбийиэктэрин сырдатыы былааннаахтык ыытыллар.
Ол курдук, бүгүн «Моя Планета» телеханаал трэвел-блогера, ааттаах-суоллаах ыытааччы Михаил Ронкаинен көтөн кэллэ. СӨ Туризм сайдыытыгар территориальнай маркетинг ааҕыныстыбатын салайааччыта Дмитрий Громов блогер Саха сиригэр кэлбит сүрүн соругун билиһиннэрдэ:
— Соторутааҕыта дойду тэбэр сүрэҕиттэн — Москваттан аатырбыт ресторатор Дмитрий Левицкэй «ПЯТНИЦА!» телеханаалын «Гастротур» биэриитин ыытааччыта кэлэн барбыта. Аны бүгүн 30 мөлүйүөнтэн тахса көрөөччүлээх «Моя планета» Арассыыйа эрэгийиэннэригэр туристическай эбийиэктэри сырдатар телеханаал ыытааччыта кэллэ. Ыалдьыттарбыт Дьааҥы аатырбыт Киһилээх хайаларын уонна Баатаҕайга баар сир анна ууллубут улахан учаастагын устуохтара. Кинилэр от ыйын 24 күнүттэн атырдьах ыйын 4 күнүгэр диэри үлэлиэхтэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: