Моякуновтар саҥа дьиэлэригэр көстүлэр

Share

Байыаннай дьайыы кыттыылааҕа  Павел Моякунов дьиэ кэргэнинээн саҥа дьиэлэригэр көстүлэр. Бу туһунан Ил Дархан Айсен Николаев телеграмҥа ханаалыгар иһитиннэрдэ.

Павел Аҕа дойдутун туһугар дьоруойдуу охсуһа сылдьар. Кини  «За отвагу» мэтээлинэн наҕараадаламмыта.

Биир сыл анараа өттүгэр Моякуновтар дьиэлэрэ умайбыта.  Павел кэргэнэ уонна икки оҕото дьолго эчэйбэтэхтэрэ. Ол гынан баран туох баар баайдара-дуоллара уокка былдьаммыта. Онон биһиги туора турбакка, “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа, волонтердар уонна дьон-сэргэ  көмөтүнэн Моякуновтарга саҥа икки этээстээх дьиэни туттубут. Бүгүн Моякуновтарга ыалдьыттаатым. Билигин Павел уоппускатыгар кэлэ сылдьар. Кини олус махтанна, маннык күүс-көмө оҥоһуллубутунан.  Павел «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйаҕа,  генеральнай сэкирэтээр Андрей Анатольевич Турчакка махталын тириэртэ, — диэн Айсен Николаев суруйда.

Санатар буоллахха, «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа Генеральнай сэбиэтин сэкирэтээрэ Андрей Турчак уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Айсен Николаев балаҕан ыйын 5 күнүгэр Дьокуускайга  дьиэтэ уокка былдьаммыт байыаннай дьайыы кыттыылааҕа Павел Моякунов саҥа дьиэтин тутуутун үлэтин көрбүттэрэ. «Биир ньыгыл Арассыыйа»  баартыйа көҕүлээн, үп-харчы, таҥас-сап хомуйбута.

https://t.me/aisen_nikolaev
What’s your Reaction?
+1
6
+1
2
+1
3
+1
0
+1
1
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Халаантан эмсэҕэлээбит дьиэлээх ыалларга хоромньуларын төлүүргэ миллиард кэриҥин биэриэхтэрэ

Быйыл сааскы халаан түмүгэр дьиэлэрэ-уоттара эмсэҕэлээбит 745 ыалга хоромньуларын төлүүргэ 985 мөлүйүөн солкуобай көрүллүөҕэ, диэн…

12 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

ВИДЕО. Алдаҥҥа торҕоннообут эһэ булчуту эчэппит, ыты сиэбит

Саха сирин ТГ-ханаалларынан Алдан оройуонугар торҕоннообут эһэ булчут үүтээнигэр киирэн эр киһи атаҕын бааһырдыбытын уонна…

28 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ытык Сайсары күөл статуһа уларыйда

Сайсары күөл - «Култуура нэһилиэстибэтэ - Ытык сир» диэн статуһу сүктэ. Киин куорат  күөлэ судаарыстыбаттан…

57 минут ago
  • Сонуннар
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Субсидияҕа тоҕо аккаастыылларый?

Дьиэ-уот хомунаалынай өҥөтүгэр субсидиянан туһанааччыларга сыһыаннаах ыйытыы. -- Субсидияҕа үгүстүк ханнык биричиинэнэн аккаастыылларый? Ыйытыыга “Субсидия…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга Тымныы оҕонньор уонна Хаарчаана өҥөтө ыҥырыкка төһө буоларый?

Дойду үрдүнэн, ону кытта кэнники сылларга Саха сиригэр оҕо аниматордарын, Тымныы оҕонньору уонна Хаарчаананы дьиэҕэ…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Мииринэйгэ 18 тыһ. тахса бытыылка арыгы былдьанна

Саха сиригэр полицейскайдар сокуоннайа суох эргиниигэ анаммыт  18 тыһ. тахса бытыылка маркировката суох арыгыны буллулар.…

2 часа ago