Саха сирэ Москваҕа байыаннайдары өйүүрү сүрүннүүр киини арыйда.
Киин анаан-минээн Саха сириттэн төрүттээх байыаннайдарга уонна дьиэ кэргэннэригэр өйөбүлү тэрийэри, дойдубут саҥа сирдэрин-уоттарын чөлүгэр түһэриини, нэһилиэнньэҕэ гуманитарнай көмөнү ыытары үүннүөҕэ-тэһиинниэҕэ, Москва куоракка Саха сирин бастайааннай бэрэстэбиитэлэстибитин баазатыгар үлэлиэҕэ диэн Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрдэ.
«Өрөспүүбүлүкэ Саха сириттэн төрүттээх байыаннай сулууспалаахтары уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйүүр. Тэрилтэлэр уонна биирдиилээн дьоммут быһаччы өйөбүллэринэн биһиги байыастарбыт көмөнү ылаллар. Дьокуускай куоракка быстах хомуурга ыҥырыллыбыттары уонна дьиэ кэргэннэрин өйүүр киин тэрилиннэ, 122 диэн нүөмэрдээх быһа сибээс олохтонно уонна быстах хомуурга барбыттарга анаан баһыылканы бэрийэн ыытар анал пуун тэрилиннэ», – диэн Айсен Николаев быһаарар.
Киин сүрүн сыала-соруга:
— байыаннай сулууспалаахтарга уонна дьиэ кэргэттэригэр бары өттүнэн сөптөөх өйөбүл оҥоһулларын сүрүннээһин уонна хонтуруоллааһын;
— РФ Оборуонаҕа министиэристибэтин уонна атын тустаах биэдэмистибэлэри кытта бииргэ үлэлиири сүрүннээһин, хааччыйыы;
— Саха сириттэн сылдьар эчэйиини ылбыт байыаннардарга көмөлөһүүнү сүрүннээһин;
— Саха сириттэн сылдьар байыаннайдарга матырыйаалынай-тэхиньиичэскэй өттүнэн көмөлөһүүнү үүннээһин-тэһииннээһин.
Ил Дархан иһитиннэрбитинэн, киин үлэтигэр Саха сириттэн РФ Судаарыстыбаннай Дууматыгар үлэлиир дьокутааттар, РФ Сэбиэтигэр баар сенатордар, Саха сиригэр үлэлиир улахан тэрилтэлэр кыттыһыахтара, көмөлөһүөхтэрэ. Ил Дархан Айсен Николаев эрдэтээҥҥи Ыйааҕынан байыаннайдар уонна быстах хомуурга ыҥырыллыбыт дьон дьиэ кэргэттэригэр матырыйаалынай көмө быһыытынан 200 тыһ. солк бэриллэр, оҕолор дьыссаакка сылдьар төлөбүрдэрэ сотуллубута, 5-11-с кылаастарга үөрэнэр оҕолоро босхо аһынан хааччыллаллар, 6-тан 18-гар диэри саастаах оҕолоро анал лааҕырдарга босхо путевканан туһаналлар.
Эдьигээн оройуонугар аварийнай-чөлүгэр түһэрэр үлэни ыытыыга Ил Дархан Айсен Николаев ахсынньы 5 күнүгэр киэһэ ыксаллаах…
Бүгүн эрэл, таптал уонна үөрүү күнэ. Чугас дьоҥҥутун кытта бииргэ буолуҥ, үтүө санааҕытын кытта үллэстиҥ.…
Бүгүн Дьокуускай куоракка Преображенскай таҥара дьиэтигэр православнай итэҕэллээхтэр мустуохтара. Бу сарсыарда 10:00 чааска Ороһуоспа иннинээҕи …
Бүгүн, тохсунньу 6 күнүгэр, норуот суруйааччыта, СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата…
Бүгүн, тохсунньу 6 күнүгэр, Саха сирин синоптиктара кыралаан хаар түһэрин, үгүс оройуоннарынан сөҥүүтэ суох, нэһилиэктэринэн…
Быйылгы 2025 сыллаах Оһуокайбыт Аар Дархан этээччибит, сүүс сааһыгар үктэнэрэ аҕыйах сыл эрэ хаалбыт ытык…