Мугудайдар: «Ил Түмэн эмиэ отчуоттуура буоллар!»
Чурапчыга СӨ Бырабыыталыстыбатын 2023 сыллааҕы үлэтин отчуоттуур үлэтэ үс бөлөҕүнэн ыытылынна. Олунньу 12 күнүгэр дэлэгээссийэлэр Одьулууҥҥа, Бахсыга, Чыаппараҕа, Мугудайга тиийэн үлэлээтилэр.
Мугудайга эдэр дьиэ кэргэҥҥэ дьиэ туттарга сэртипикээт туттарыы үөрүүлээх тэрээһинтэн саҕаланна. Бөлөх салайааччыта Экэниэмикэ миниистирин бастакы солбуйааччы Мария Аргунова отчуоту иһитиннэрдэ.
Отчуот кэнниттэн тэрээһин сүрүн үлэтинэн нэһилиэнньэттэн киирэр ыйытыыларга хоруйдааһын саҕаланна. Бастакы ыйытыылаах Заровняева Мария Алаҕарга бэтэринээрийэ туһунан ыйытыыта эмиэ күөрэйдэ.«Үүт анаалыһын сыанатын ким быһарый, хайдах итиччэ буоларый?», – диэн ыйытыы, кырдьык, Чурапчыга улахан кыһалҕа буолбута көстөр. Отчуоттуур бөлөх Бэтэринээрийэ департаменыгар бу кыһалҕаны үөрэтэллэрин курдук тиэрдиэх буолла. Бэтэринээрийэ туһунан ыйытыылар, этиилэр элбэхтэр. «Ыалдьыбыт сүөһүгэ бэтэринээри ыҥырыы сыаната олус ыарахан, ол иһин дьон, холобур, ньирэй ыарыйдаҕына ыҥырбаттар, ол бүтэр уһугар охсуулаах буолар», – диэн кыра кэтэх хаһаайыстыбалаах биэнсийэлээх Светлана Герасимовна санаа үллэһиннэ. Тылын түмүгэр кини бырабыыталыстыба үлэтин үрдүктүк сыаналыырын эттэ: «Эдэр, эрчимнээх дьон үлэлии сылдьаллара көстөр», – диэтэ.
Элбэхтэ күөрэйэр тиэмэнэн гаас буолла. «Гаас Мугудайга кэлиэ дуо? Ситимтэн 30 килэмиэтир эрэ тэйиччи сытабыт», – диэн олохтоохтор уопсай санааларын хас да киһи эттэ. Мария Аргунова Мугудайы гаас ситимигэр холбоноро кыаллыбатын быһаарда. «Ол оннугар автономнай гаастааһын холбооһун арыый олоххо киириэн сөп курдук», – диэтэ Бырамыысылыннас министиэристибэтин исписэлииһэ Михаил Винокуров. Ол эрэн, билигин даҕаны гаастааһын бу көрүҥүн тургутуу үлэтэ өрөспүүбүлүкэҕэ ситэ чинчиллэ илигин эттилэр. Хачыкааты автономнай гаастааһын пилотнай бырайыага билигин да түмүктэнэ илик, өссө даҕаны сыана үөскээһинэ, тиэйии уо.д.а. чинчиллэр боппуруостара элбэх.
«Ситэриилээх былаас сыллааҕы отчуот биэрэр үлэтэ тэриллибитэ бэрт үчүгэй. Ону кытта сокуону оҥорор былаас уоргана Ил Түмэн сыллааҕы отчуота баара буоллар. Дьокутааттар норуот талбыт дьоно, бу курдук эппиэт тутуохтаахтар дии саныыбын», – диэн эттэ Мугудай олохтооҕо, Идэлээх сойуус үлэһитэ Жирков Константин.
Үйэтин тухары учууталлаабыт Римма Николаевна Коркина эдэр исписэлиистэр тыаҕа учууталлыы тахсыбаттарын туһунан тыл көтөхтө. Ону кытта оскуолаҕа оҕолору олоххо үөрэтэр биридимиэт суоҕун туһунан санаа үллэһиннэ: «Биһиги үөрэнэр эрдэхпитинэ “Кыыс Куо”, “Үрүҥ Уолан” диэн кыргыттары, уолаттары норуот үгэстэригэр, күннээҕи дьарыктарга уһуйар чаастар бааллара. Бу бүгүн даҕаны олус көдьүүстээх биридимиэттэр буолуохтарын сөп».
Никифор Оконешников сылгы иитиитин туһунан Арассыыйаҕа тахсыбыт саҥа сокуон холобуругар сигэнэн: «Ил Түмэн Саха сирин туспа уратыларын учуоттуур, нэһилиэнньэ интириэһин көмүскүүр көннөрүүлэри, олохтоох сокуоннары ылыныы үлэтин күүһүрдэргэ».
Чурапчыттан талыллыбыт Ил Түмэн дьокутаата Дмитрий Поисеев үлэ хайдах бара турарын быһааран хоруй биэрдэ: «Кырдьык, сорох Арассыыйа Федерациятын уопсай сокуоннара сороҕор биир туспа эрэгийиэҥҥэ сөбүгэр үлэлээбэт. Холобур, ити Бэтэринээринэй сулууспа ылбыт бирикээһигэр сылгы барыта сылгы хаһаатынан хааччылыахтаах диэн ирдэбилэ, Саха сиригэр, биллэн турар, үлэлиир кыаҕа суох. Маны барытын үөрэтэбит, үлэлэһэбит, сокуоннарга туспа ахтыы киллэттэрэбит. Эбэтэр «ыт сокуона», «балбаах сокуона» курдук холобурдарга эрэгийиэҥҥэ туспа нуорма киирэрин туруорсабыт».
Маны таһынан, Мугудайга «Почта России» хонтуората суоҕа, оттуур сир кыһалҕата, быраас, учуутал үлэтэ дьүүллэһилиннэ. Мунньах кыттыылаахтара бырабыытылыстыба отчуотун биһириир туһунан биир киһи курдук куоластаатылар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: