«Мухтуйа» суолу чөлүгэр түһэриигэ бырамыысыланнай предприятиелар көмөлөһүөхтэрэ

«Мухтуйа» суолу чөлүгэр түһэриигэ бырамыысыланнай предприятиелар көмөлөһүөхтэрэ

Ааптар:
18.06.2023, 13:32
@YakutiaOpershtab
Бөлөххө киир:

«Мухтуйа» эрэгийиэннээҕи суолу чөлүгэр түһэриигэ Ленскэй уонна Мииринэй оройуоннарыгар үлэлиир бырамыысыланнай предприятиелар көмөлөһүөхтэрэ.

Кинилэр тиэхиньикэнэн, эбии күүһүнэн көмө буолуохтара. Бу туһунан быһаарыы бэс ыйын 18 күнүгэр СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников мунньаҕар ылылынна.

«Мухтуйа» суол уопсайа  138 км уһуннаах. Сөҥүү түһэн,суолга  уу мунньустан, 40 км курдук учаастакка суол алдьананан, айанныырга ыарахаттардаах буолла.

Суолга инчэҕэй буорун таас матырыйаалынан уларытыллыахтаах. Туһааннаах матырыйаал кыһалҕалаах учаастактарынан таһылынна. Билигин да тиэйэ сылдьаллар.

Суһаллык суолу чөлүгэр түһэриигэ миэстэтигэр  тиэхиньикэ тиийбэтэ атахтаабыта. Билигин  Мииринэй уонна Ленскэй оройуоннарыгар үлэлиир бырамыысыланнай хампаанньалары кытары үлэ ыытыллар диэн суһал ыстаап иһитиннэрдэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 января
  • -41°C
  • Ощущается: -48°Влажность: 66% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: