Салгыы
Мукучуга “Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн” быыстапка-дьаарбаҥка ыытылынна

Мукучуга “Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн” быыстапка-дьаарбаҥка ыытылынна

16.09.2024, 19:00
Хаартыска: Вера Прокопьева тиксэриитэ.
Бөлөххө киир:

Балаҕан ыйын 14 күнүгэр «Мукучу нэһилиэгэ» МТ баһылыга Николай Иванович Левин, «Сарыал» түөлбэ салайааччыта Анна Афанасьевна Саввинова анал ааттаах бэлиэни үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйдылар.

Бу бэртээхэй көстүүлээх сэттэ түөлбэ бэлиэтин бэйэ дьыалатын тэринэн үлэлиир олохтоох мас ууһа Александр Афанасьевич Григорьев оҥордо. Анал тутууга куар код бэлиэни даҕайдахха, ТОСтар Телеграмм ханааллара арыллан, түөлбэлэр туһунан сонуну ким баҕар көрөр кыахтаммытын мустубут дьон сэргээтэ, ханаалга сурутта.

Бу күн халлааммыт төһө да тымныы буоллар, нэһилиэк дьоно, түөлбэлэр «Саамай саамай…, ⁠»Сэдэх…»,  ⁠»Дьикти, дьиибэ…» тэттик күрэхтэргэ ох курдук оҥостон кэлбиттэрэ үөртэ. Манна үс төбөлөөх хаппыыста, чеснок, эриэппэ луук, тэҥнээҕин булбатах кабачок, тыква, онтон да атын оҕуруот аһа атыылаһааччылары сөхтөрдө.

Айылҕа саамай кэрэ кэмин кытта тэҥҥэ «Ааспыт кэм ахтылҕана» ретро-муода күрэҕэ чахчы даҕаны ааспыт кэм долгунун санатан, барыбыт сүрэҕин долгутта.

Маны тэҥэ «Сайылык» ТХПК уонна Танара орто оскуолатын сайыҥҥы үлэ лааҕырдарын сырдатар истиэндэлэрин туруордулар, кэпсээтилэр, бэйэ оҥорон, үүннэрэн таһаарбыт астарын атыылаан дохуот киллэриннилэр, бар дьоннорун күндүлээтилэр.

Хас улахан тэрээһин буоллаҕын ахсын «Үтүө сүрэх» аахсыйа тиһигин быспакка ыытыллар. Ол курдук бу күн байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбыт дьиэ кэргэттэригэр анаммыт көмөҕө түөлбэбит дьоно көхтөөхтүк кытыннылар.

Тэрээһин биир сонун өрүтүнэн «Сүбэ холбуката» диэн нэһилиэк олохтоохторуттан оҕуруот аһын тутан, кэнсиэрбэлээһин көрүҥүн тарҕатыы, саҥа сүүрээни көҕүлээһин, санаа атастаһыыта буолла. Манна Евдокия Васильевна Гоголева кэнсиэрбэлэрин, үүнээйилэрин, сүбэлэрин сэргии иһиттибит. Эбэн этэр буоллахха билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор, кэрэни кэрэхсииргэ, саҥаны, сонуну сэргииргэ, хас бырааһынньык ахсын дьэрэкээн сибэкки дьөрбөлөрүн бэлэх уунарга анаан көрөн-истэн, бүөбэйдээн бар дьонугар бэлэх оҥорор, үтүө холобур буолар Мария Афанасьевна Варламова отонноох мастарын, сэдэх үүнээйилэрин видеонан көрөн сөхтүбүт. Бу үүнээйилэр улаатан отоннуур кэмнэрин түбэһэ көрөр киһи диэн баҕа санаалаах элбэх буолла. Уһук сытар нэһилиэкпит, суол-иис ыарахан диэбэккэ бу курдук сэдэх үүнээйилэри тарҕатар үтүө-мааны киһибитигэр махтанабыт.

Олохтоох дьаһалта көҕүлээһининэн “Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн” тэрээһин минньигэс аһынан босхо плов буолла. Хас сылын ахсын Кыайыы күнүгэр «Саллаат хааһытын» буһаран элбэх дьону минньигэс аһынан күндүлээбит повар идэлээх Дмитрий Сивцев буһарбыт пловун амсайбыт эрэ барыта астынна.

Күрэх түмүгүнэн 1 миэстэни «Тиэрбэс» түөлбэ ылан, 10 000  солкуобайдаах сертификатынан наҕараадаланна. 2 миэстэ «Чэчир» түөлбэҕэ бэрилиннэ — 7000 солкуобайдаах сертификат, 3 миэстэ «Саһарҕа» түөлбэҕэ — 5000 солкуобайдаах сертификат. Ону тэҥэ хас кыттыбыт түөлбэ аайы 3000  солкуобайдаах сертификаттары туттардылар.

Нэһилиэкпит дьоно-сэргэтэ көмүс күһүн бэлэхтэрин биир дойдулаахтарыгар көрдөрөн, тэрээһиҥҥэ көхтөөхтүк кыттан, туһалаах сүбэни иҥэринэн, үөрүүлээх түгэннэри тэҥҥэ үллэстэн, астынан, дуоһуйан тарҕастылар.

Сылын ахсын дьаарбаҥка аһа-үөлэ элбээн, дьон сэдэх оҕуруот аһын үүннэрэн иһэллэрэ үөрдэр. Түөлбэлэрбит эһиилги сылга өссө күүскэ бэлэмнэнэн, араас үүнээйини үүннэрэн, өлгөм бэлэҕи дэлэччи атыылыырдыы сананан тарҕастылар. Көмүс күһүн күндү бэлэхтэрин Мукучу дьоно-сэргэтэ хото атыыласта. Тымныы кыһыны бэйэ битэмииннээх, иҥэмтиэлээх аһынан көрсөргө бэлэмнэннэ.

Вера Прокопьева.

+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
7 октября
  • -0°C
  • Ощущается: -4°Влажность: 95% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: