Балаҕан ыйын 6-7 күннэригэр Үөһээ Бүлүү Ытык Намын сиригэр «Тобуруокап көмүс күһүнэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи 8-с төгүлүн ыытыллыбыт көҥүл хоһоон түһүлгэтигэр Кэбээйи улууһун Мукучу нэһилиэгиттэн «Кырдал» литературнай түмсүү сэттис төгүлүн кыттыыны ылла.
Тэрээһиҥҥэ уопсайа 15 улуустан, ол курдук Дьокуускай куораттан, Нам, Таатта, Орто Халыма, Хаҥалас, Чурапчы, Үөһээ Дьааҥы, Уус Алдан, Өлүөхүмэ, Абый, Кэбээйи, Сунтаар, Ньурба, Амма, Үөһээ Бүлүү улуустарыттан кыттыыны ыллылар. Көҥүл түһүлгэҕэ 74 кыттааччы хомоҕой хоһооннорунан, ылбаҕай ырыаларынан бар дьоннорун күндүлээтилэр, эҕэрдэлээтилэр.
Киэһэ Тобуруокап ыллыгынан айылҕабыт мааны көтөрдөрүн, бэл диэтэр аптаах көмүс балыкчааны, ымыычааннары, бөҕө-таҕа гына тутууллубут мас оҥоһуктары көрө-көрө кыттааччылар уонна ыалдьыттар Бүлүү Эбэ биэрэгэр «Сэмэнээс Даркылааҕар» көмүс күһүн кэрэ көстүүтүн кэрэхсии аа-дьуо хааман тиийдилэр. Кэлбит ыалдьыттары минньигэс алаадьынан, үөрэ миининэн күндүлээтилэр.
Бу киэһэ устата собо миинин буһарыыга, сыа балыкка муҥхалааһын, оҕолорго туулааһын буолла. Барыта 17 хамаанда күрэхтэстэ. Онтон тууну үтүүгэ — 4, муҥхалааһыҥҥа — 4, собо миинин буһарыыга — 9.
Бүлүү эбэ кытыла бу да сырыыга элбэх ыалдьыты сөхтөрбүт буолуохтаах. Тэрийээччилэр түһүлгэ кыттыылаахтарын мэлдьи туох эрэ кэрэни, дьиктини оҥорон бэлэх уунар үтүө үгэстэрин бу да сырыыга сэргии көрдүбүт.
Көҥүл микрофон биллэриллэр түгэнин мүччү туппакка баҕалаах эрэ барыта тахсан хоһоон аахтылар, ыллаатылар-туойдулар, эҕэрдэ тыл эттилэр.
«Кырдал» түмсүүбүтүн кытта ыалдьыт быһыытынан барсыбыт Антонида Докторова ырыанан эҕэрдэтигэр, намыын ырыа долгунугар уйдаран үҥкүүлээн тэлээрдилэр. Кэрэ ырыа биир кэм кутуллан ураты турукка куустаран, көҥүл түһүлгэ истиҥ тыынын ылынан, кутааҕа буспут собо миинин сыпсырыйан иһэ-иһэ, ханна да ыксаабакка буруолуу сылдьар собону ыгыччы сиэн дьон бары да астыммыт, дуоһуйбут буолуохтаах.
Түһүлгэ иккис күнүгэр 4 көҥүл строка хоһооҥҥо уонна хоһуйууга күөн күрэх тэрилиннэ. 4 строкалаах хоһоону тута айыыга Үөһээ Бүлүү улууһун хоһоонньута Харыйалаах уола сэттис сылыгар өрөгөй түгэнэ тосхойон үөрүүбүт үксээтэ. Кини 10000 солкуобай харчынан наҕараадаланна.
Хоһуйуу күрэҕэ 3 түһүмэххэ арахсан ыытылынна. Уопсайа 14 хоһоонньут хомоҕой хоһуйууну оройуттан тутта. Бастакы түһүмэххэ көҥүл хоһуйууга талбыт киһилэрин көрөн туран тута хоһуйдулар. Иккис түһүмэххэ 6 хоһоонньут талыллан, «сэлэспэ» тиэмэни арыйдылар. Үһүс түмүктүүр киирсиигэ 3 күрэхтэһээччи хаалан, «орон» тиэмэҕэ хоһоону тута хоһуйан аахтылар. Тыҥааһыннаах киирсии түмүгэр Муҥутуур кыайыылааҕынан Таатта улууһуттан «Иэйии» түмсүү бэтэрээнэ Жулева Александра — Суһума буолла уонна 50000 солкуобай уу харчынан наҕараадаланна.
«Тобуруокап көмүс күһүнэ» түһүлгэҕэ «Дани-Алмас» бэчээттиир хампаанньата хоһоонньуттарга анал күрэхтэһии тэрийэр. Хоһооннору көрүү түмүгэр Ньурба улууһуттан Стручкова Саргылана кыайыылааҕынан тахсан, «Дани-алмас» типографияттан 100 экземплярдаах кинигэни бэчээттэтэргэ туоһу суругу тутта. Иккис миэстэни ылбыт Үөһээ Бүлүү улууһуттан Хобусарова Антонина 75 экземплярдаах кинигэни бэчээттэтэргэ туоһу сурук тутта. Үһүс бочуоттаах миэстэни Чурапчы улууһуттан Римма Корякина — Хотууна ылан, 50 экземплярдаах кинигэни бэчээттэтэргэ туоһу суругу тутта. Ону тэҥэ улуус түмсүүлэрэ 20% чэпчэтиилээх бэчээттэтиигэ туоһу суруктарынан наҕараадаланнылар.
Быйылгы тэрээһин үрдүк таһымнаахтык ыытылынна, дьон-аймах кэрэхсэбилин ылыан ылла. Аны икки сылынан — 2026 сылга Ытык Нам сирэ, Тобуруокап түмэлин тэлгэһэтэ 9-с төгүлүн ыытыллар түһүлгэтигэр айар куттаах доҕотторун күүтэ хаалла.
Бука бары тэрийээччилэргэ, кыттааччыларга, ыалдьыттарга истиҥ сыһыаҥҥыт, ураты болҕомтоҕут, умнуллубат үтүө түгэннэр иһин, маны тэҥэ ытыктыыр киһибитигэр, тэрээһин сүрүн тэрийээччитигэр Дмитрий Федосеевич Наумовка уонна бу истиҥ тыыннаах тэрээһини сэттис төгүлүн көрөр дьоллоох түгэни бэлэхтээбит Мукучубут нэһилиэгин баһылыгар Николай Иванович Левиҥҥа махтанабыт.
Эһигини мэлдьи Айыы сырдык сыдьаайа арчылыы, араҥаччылыы сырыттын диэн алгыспытын аныыбыт.
Вера Прокопьева, Мукучу
Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…
“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…
LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…
Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…
Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга саамай…
Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…