Мунду – төрүт аспыт

Share

Мин субу кыыл сибикилии сылдьаммын, биир 86 саастаах нуучча оҕонньоро илдьит ыыппытын истэммин, үүтээнигэр тиийдим. Уруккута арҕахха соҕотоҕун киирэр хоодуот  киһи. Биир тарбахха баттанар эсэһит.

Бултуур дьиэтин эһэ ыспыт эбит. Аһын-үөлүн, хаһаа­һын букатын тугу даҕаны ордорботох. Сайын кэлэн үүтээнин тиэргэнин оттоон, бугуллаабытын дьиэ­ҕэ киллэрэн оронун анныгар симпит. Оҕонньор ону абаланар. Мин: “Бу, кырытыннараары киэптээбит”, – диибин. Арааһа, ити, орон анныгар оту хаалаан, онно сытан кыстыырдыы бэлэмнэнэн көрбүт. Онтон, чугас чуҥнаан сылдьан баран, дьон кэлэрин-барарын көрөн, дьаарханан дьаадьыйбыт бадахтаах.

Оҕонньор үс ыттаах. Ыттара бары кыылга үчүгэйдэр.

Кырдьаҕастан уһун үйэлэнии кистэлэҥин ыйыталастым.

«Сибиэһэй, бэйэ аһылыга саамай туһалаах», – диир.

Ордук, мундуну хайгыыр. Олус туһалаах ас, сылайбат сындааһыны биэрэр, эстибэт сэниэни киллэрэр диир.

Чооҕура бэрт, ол эрэн, мунду булда. Ылбычча, мэнээк бултаныллыбат.

Дьэ, манныкка, өбүгэлэрбит ньымалара баар. Сүрүннээн Бүлүү, Кэбээйи диэкилэр киэннэрэ.

Күһүн, буһук саҕана, мунду үөрдээн кытыылыыр. Ону тыынан талбаардан сылдьан куйуурунан баһаллар. Ким хапсаҕай, ол хаста баһарынан куоталаһан. Оннугу Ээйик эбэҕэ Балыксыт диэн түөлбэтигэр көрбүтүм. Хас эмэ куулунан ылаллар этэ. Кэлин муҥханан хаама сылдьан кутаттан күрэтэн баһар этибит, туоннанан. Саамай кэнникибин Ыгыаттаҕа Иһэрдээх күөлүгэр баһалларын көрбүтүм, хас эмэ буочуканан. Биир куулу саҥа ыраас мууска халытан тоҥорон ылбытым, сиэн күннээбитим. Саас куул чиэппэрин күөгүһүттэргэ мэҥиэҕэ биэрбитим.

Егор Сыромятников.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Спорт
  • Уопсастыба

Саха сирин кикбоксердарын Федерациятын саҥа Бэрэсидьиэнэ талылынна

Ахсынньы 11 күнүгэр Дьокуускайга Кикбоксинг Федерациятын отчуоттуур-быыбардыыр кэмпириэнсийэтэ буолла. Турнир бастакытын ыытылларынан Саха сирин успуордун…

17 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар, кинилэр чугас дьонноругар психологтар 520 консультацияны оҥордулар

Байыаннай дьайыы кэмигэр идэтийбит психологическай өйөбүл уонна психосоциальнай көмө оҥоруу салҕанар. Нэдиэлэ устата өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн…

21 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Социальнай остолобуой кырдьаҕастары босхо аһатар

Сэтинньи бүтүүтэ Ирина Гузова аатынан социальнай остолобуой үлэтин сөргүттэ. Ирина Гузова ыарахан ыарыыттан былырыын өлбүтүн…

33 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үбү-харчыны сатаан туттарга үөрэтэр волонтердар сүлүөттэрэ саҕаланна

Бүгүн, ахсынньы 13 күнүгэр, СӨ Үп министиэристибэтигэр үбү-харчыны сатаан туттарга үөрэтэр волонтердар сүлүөттэрэ ыытыллыаҕа диэн…

47 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга үһүс сабыылаах каток арыллыаҕа

СӨ Физическэй култуураҕа уонна успуорка миниистирэ Леонид Спиридонов судаарыстыбаннай сакаас сулууспатын бэрэстэбиитэллэрин кытары киин куорат…

47 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

ВИДЕО. «Спортмастертан» табаар уорбут дьахтар сууттаныа

ИДьМ 4 №-дээх полициятын дьуһуурунай чааһыгар  «Спортмастер» успуорт маҕаһыынын  бэрэстэбиитэлэ 18 000 солк. кэриҥэ суумалаах…

1 час ago