Муҥхаҕа туттуллар сэп-сэбиргэл

Муҥхаҕа туттуллар сэп-сэбиргэл

Ааптар:
11.11.2025, 12:00
Хаартыска: Г.Д.Захаров тиксэриитэ.
Бөлөххө киир:

Муҥхаҕа туттуллар сэп-сэбиргэл арааһа элбэҕинэн биллэр.

Анньыы – мууһу алларарга туттуллар тэрил.
Муҥха ийэтэ – балык мунньуллан кэлэр сирэ.
Муҥха кыната – балыгы күөйэн муҥха ийэтигэр киллэрэр.
Туос хотоҕос – муус анныгар киирэн баран тимирбэтигэр анаан оҥоһуллубут бэлиэ (эбэтэр лоппунуоҕа, лаппыныаҕа дииллэр). Хаптаһын хотоҕос.
Таастыган – дьаакыр.

Ыт мас – муҥханы икки өттүттэн чардаатыгар салайар мас.
Хамыйах – ойбон мууһун ыраастыырга анааллаах күрдьэх.
Ачаах – муус аннынан муҥханы салайар мас.
Атырдьах – ойбонтон ойбоҥҥо муҥханы соһор мас.
Олуур – туора барбыт маһы олуйан сөптөөх хайысхаҕа хайыһыннарар мас.
Көхө – үтүмэх кэлбитин тардан ылар күрүчүөк.
Нырыы – муус аннынан балыктары үргүтэргэ туттуллар ураҕас. Этэллэринэн, нырыы маһын муҥхалыыр эрэ күҥҥэр быһыахтааххын. Иккистээн туттуллубат.
Үтүмэх – муҥханы соһорго аналлаах ураҕас мас, кэнниттэн быаҕа муҥха баайыллар.
Сүүр – муус үлтүркэйдэрин ыраастыыр сиидэ хамыйах.
Көхө – тордуохтаах мас, быаны тардарга аналлаах.
Кыл хамыйах – собону баһар хамыйах.
Туора күрдьэх – хаар күрдьэргэ туттуллар.

«Саха сирэ» хаһыат архыыбыттан

Бары сонуннар
Салгыы
2 января
  • -24°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: