Муҥхаҕа туттуллар сэп-сэбиргэл

Share

Муҥхаҕа туттуллар сэп-сэбиргэл арааһа элбэҕинэн биллэр.

Анньыы – мууһу алларарга туттуллар тэрил.
Муҥха ийэтэ – балык мунньуллан кэлэр сирэ.
Муҥха кыната – балыгы күөйэн муҥха ийэтигэр киллэрэр.
Туос хотоҕос – муус анныгар киирэн баран тимирбэтигэр анаан оҥоһуллубут бэлиэ (эбэтэр лоппунуоҕа, лаппыныаҕа дииллэр). Хаптаһын хотоҕос.
Таастыган – дьаакыр.

Ыт мас – муҥханы икки өттүттэн чардаатыгар салайар мас.
Хамыйах – ойбон мууһун ыраастыырга анааллаах күрдьэх.
Ачаах – муус аннынан муҥханы салайар мас.
Атырдьах – ойбонтон ойбоҥҥо муҥханы соһор мас.
Олуур – туора барбыт маһы олуйан сөптөөх хайысхаҕа хайыһыннарар мас.
Көхө – үтүмэх кэлбитин тардан ылар күрүчүөк.
Нырыы – муус аннынан балыктары үргүтэргэ туттуллар ураҕас. Этэллэринэн, нырыы маһын муҥхалыыр эрэ күҥҥэр быһыахтааххын. Иккистээн туттуллубат.
Үтүмэх – муҥханы соһорго аналлаах ураҕас мас, кэнниттэн быаҕа муҥха баайыллар.
Сүүр – муус үлтүркэйдэрин ыраастыыр сиидэ хамыйах.
Көхө – тордуохтаах мас, быаны тардарга аналлаах.
Кыл хамыйах – собону баһар хамыйах.
Туора күрдьэх – хаар күрдьэргэ туттуллар.

«Саха сирэ» хаһыат архыыбыттан

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сирин педагогтара Сахалиҥҥа ыытыллыбыт «Уларытыы лиидэрдэрэ» тэрээһиҥҥэ кыттыыны ыллылар

Сэтинньи 13-16 күннэригэр Сахалин уобалаһыгар идэни сайыннарар киин исписэлиистэрэ тэрийбит эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы «Уларытыы лиидэрдэрэ»…

5 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

550-тан тахса киһи байыаннай сулууспалаах эмтэнэр сиригэр барарыгар материальнай көмөнү ылла

Өрөспүүбүлүкэҕэ 555 киһиэхэ байыаннай сулууспалаах эмтэнэр сиригэр барарыгар материальнай көмө оҥоһулунна. Бу туһунан СӨ Бырабыыталыстыбатын…

23 минуты ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата
  • Уопсастыба

ХААРТЫСКА: Халбаакылар түөлбэнэн «Идэһэ күрэҕэ» сэргэх тэрээһини ыыттылар

Сэтинньи 15 күнүгэр Бүлүү улууһун Халбаакы нэһилиэгэр түөлбэлэр икки ардыларыгар «Идэһэ күрэҕэ» сэргэх тэрээһин үрдүк…

26 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Биир кэлим босуобуйаны тарҕатыыга — Сүбэ күнэ

Ахсынньы 4 күнүгэр РФ Социальнай пуондатын Саха сиринээҕин салаата кэлим босуобуйаны тарҕатыыга анал Сүбэ күнүн…

36 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Байыаннай дьайыы бэтэрээннэригэр биир кэлим мэдиссиинэ өйөбүлэ оҥоһуллар

Өрөспүүбүлүкэҕэ байыаннай дьайыы бэтэрээннэригэр биир кэлим  мэдиссиинэ өйөбүлүн сулууспата быйыл үлэтин алтынньыга саҕалаабыта. Бу туһунан…

41 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба
  • Үөрэх

Эдьигээнҥэ сыбаарка дьыалатыгар саҥа мастырыскыай үлэлээтэ

«Арктика» каадырдары бэлэмниир киин Эдьигээннээҕи салаатыгар сыбаарка дьыалатыгар  мастырыскыай үөрүүлээх аһыллыыта буолла. Саҥа мастырыскыай үрдүк…

56 минут ago