Муҥхаҕа туттуллар сэп-сэбиргэл

Share

Муҥхаҕа туттуллар сэп-сэбиргэл арааһа элбэҕинэн биллэр.

Анньыы – мууһу алларарга туттуллар тэрил.
Муҥха ийэтэ – балык мунньуллан кэлэр сирэ.
Муҥха кыната – балыгы күөйэн муҥха ийэтигэр киллэрэр.
Туос хотоҕос – муус анныгар киирэн баран тимирбэтигэр анаан оҥоһуллубут бэлиэ (эбэтэр лоппунуоҕа, лаппыныаҕа дииллэр). Хаптаһын хотоҕос.
Таастыган – дьаакыр.

Ыт мас – муҥханы икки өттүттэн чардаатыгар салайар мас.
Хамыйах – ойбон мууһун ыраастыырга анааллаах күрдьэх.
Ачаах – муус аннынан муҥханы салайар мас.
Атырдьах – ойбонтон ойбоҥҥо муҥханы соһор мас.
Олуур – туора барбыт маһы олуйан сөптөөх хайысхаҕа хайыһыннарар мас.
Көхө – үтүмэх кэлбитин тардан ылар күрүчүөк.
Нырыы – муус аннынан балыктары үргүтэргэ туттуллар ураҕас. Этэллэринэн, нырыы маһын муҥхалыыр эрэ күҥҥэр быһыахтааххын. Иккистээн туттуллубат.
Үтүмэх – муҥханы соһорго аналлаах ураҕас мас, кэнниттэн быаҕа муҥха баайыллар.
Сүүр – муус үлтүркэйдэрин ыраастыыр сиидэ хамыйах.
Көхө – тордуохтаах мас, быаны тардарга аналлаах.
Кыл хамыйах – собону баһар хамыйах.
Туора күрдьэх – хаар күрдьэргэ туттуллар.

«Саха сирэ» хаһыат архыыбыттан

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Дьокуускайга оптуобус төлөбүрэ үрдээтэ

2026 сыл тохсунньу 1 күнүттэн Дьокуускайга уопсастыбаннай тырааныспарынан айан төлөбүрэ уларыйда. Билигин куорат иһигэр оптуобуска…

8 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Нэдиэлэтээҕи гороскоп: тохсунньу 2- тохсунньу 9 күннэрэ

Саҥа сыл бастакы нэдиэлэтигэр сулустар чугас дьоҥҥутугар болҕомтолоох буоларгытыгар сүбэлииллэр.  Хой  Саҥа сылы саҥа бырайыактарынан…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сорох улуустарынан -15°С кыраадыс буолара күүтүллэр

Саха сирин синоптиктара билгэлииллэринэн, бүгүн, тохсунньу 2 күнүгэр, Саха сирин үгүс улуустарыгар кыратык хаардыа, Өлүөнэ…

2 часа ago
  • Уопсастыба

2025 сыл сүрүн ситиһиилэрэ: “Сыл учуутала‑2025” кыайыылааҕа — Юлия Макарова

Ахсынньыга үөрэх үлэһиттэрин саамай улахан күөн күрэһэ — Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала‑2025” күөн күрэс өрөспүүбүлүкэтээҕи…

17 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

2026 сылга сулустар уларытыыны, бэлэҕи … түстүүллэр

2026 сыл зодиак бары бэлиэлэригэр уларытыыны, бэлэҕи бэлэмнээн турар. Сорохтору дьылҕаларын быһаарар көрсүһүү, үлэҕэ үрдээһин…

19 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

КЭПСЭЭННЭ ИСТИЭҔИҤ: «Оҕо кута» (аудио)

sakha-sire.ru саайт «Кэпсээннэ истиэҕиҥ» диэн бырайыагар «Саха сирэ» хаһыат суруналыыһа   Людмила Попова "Оҕо кута"  кэпсээнин…

20 часов ago