Киһи кырдьар сааһынан тахсар биэнсийэтин сэргэ, мунньуллар биэнсийэ диэн баарын билэҕит дуо? Бу мунньуллар биэнсийэни барытын лөглөччү уурдаран ылыахха сөбүн истибиккит?
Бу туһунан Социальнай пуонда мунньуллар биэнсийэ төлөбүрдэрин аныыр бөлөҕүн салайааччы Мария Ивановна Молгарова сиһилии быһааран кэпсиир.
2002 сыллаахха Арассыыйаҕа биэнсийэ эйгэтигэр улахан уларыта тутуу, реформа буолбута.
Үлэни биэрээччилэр 2014 сылга диэри усунуостары страховой биэнсийэҕэ уонна мунньуллар биэнсийэҕэ иккиэннэригэр ыыта олорбуттара. Үлэ пуондатыттан 6%-на мунньуллар биэнсийэҕэ барара. Манна 1967 сылтан бэттэх төрөөбүттэр хапсыбыттара. 2002 сылтан 2014 сылга диэри кинилэргэ бу ыытыллыбыт усунуостартан мунньуллар биэнсийэ суумата үөскээбитэ.
Оттон биэнсийэҕэ тахсар саастара чугаһаабыт 1953-1966 сылларга төрөөбүт эр дьоҥҥо уонна 1957-1966 сылларга төрөөбүт дьахталларга 2002-2004 сылларга үлэни биэрээччилэрэ усунуостары биэнсийэ мунньуллар чааһыгар ыытар этилэр. 2005 сылтан сокуон уларыйан, маны тохтоппуттара.
2008 сылтан баҕа өттүнэн биэнсийэ усунуоһун төлүүр бырагыраама баар буолбута. Маны тэҥэ, судаарыстыба кыттыгас үбүлүүр бырагыраамата 10 сыл устата үлэлээбитэ. Холобур, үлэлии сылдьар киһи сылга 2 тыһыынча солкуобайы, муҥутаан 12 тыһыынча солкуобайы эбии уктаҕына, судаарыстыба эмиэ оччону – 2-12 тыһыынча солкуобайы угар этэ.
Онон, мунньуллар биэнсийэни ким ылар бырааптааҕый?
– Билигин үлэлии сылдьар 1967 сылтан бэттэх төрөөбүт дьон (2002-2013 сс. мунньуллубут суума);
– 1953-1966 сылларга төрөөбүт эр дьон уонна 1957-1966 сылларга төрөөбүт дьахталлар (2002-2004 сс. мунньуллубут суума);
– Судаарыстыба кыттыгас үбүлүүр бырагырааматын кыттыылаахтара;
– Баҕа өттүнэн усунуостарын төлүүр дьон;
– Ийэ хапытаалын биэнсийэҕэ ыыппыт дьахталлар.
Мунньуллар биэнсийэ үлэни биэрээччилэр 2014 сылга диэри төлөөбүт усунуостарыттан уонна дьон бырагыраамаларга киирэн, бэйэлэрэ төлөөбүт усунуостарыттан, эбэтэр, Ийэ хапытаалын сууматыттан турар.
2014 сылтан ыла үлэни биэрээччилэр усунуостара бүтүннүү мунньуллар биэнсийэҕэ буолбакка, кырдьар сааһынан страховой биэнсийэҕэ бара турар. Ол эбэтэр, мунньуллар биэнсийэҕэ билигин үп-харчы киирбэт.
Ол оннугар Социальнай пуондаҕа да, судаарыстыбаннайа суох биэнсийэ пуондаларыгар да, салайар хампаанньалар (управляющие компании) диэннэр бааллар. Кинилэр бу 2002-2013 сылларга мунньуллубут биэнсийэни инвестициялаан, үлүннэрэллэр. Холобур, сылга, ортотунан, 7-9% улаатыннараллар.
Онон мунньуллар биэнсийэ суумата (2002-2013 сс. мунньуллубут суума + сыл аайы 6-12% инвестицияланар дохуот) сыллата үрдээн иһэр.
Киһи судаарыстыбаннайа суох биэнсийэ пуондаларыгар мунньуллар биэнсийэтин бэйэтэ көһөрүөн сөп. Судаарыстыбаннайа суох биэнсийэ пуондалара эмиэ салайар хампаанньалаах (УК) буолаллар. Бу хампаанньалар мунньуллар биэнсийэни сыллата инвестициялаан, дохуотун үрдэтэллэр.
Манна биири өйдүөххэ наада, 5 сыл иһинэн пуондаттан пуондаҕа көстөххө, бу инвестиционнай дохуот сотуллан хаалар. Онон кырата 5 сыл устата атын пуондаҕа көһүө суохха наада.
Социальнай пуондаҕа 1 судаарыстыбаннай салайар хампаанньа (ВЭБ УК) уонна 11 чааһынай салайар хампаанньалар бааллар. Биэнсийэҥ Социальнай пуондаҕа баар буоллаҕына, салайар хампаанньаны сыл аайы да уларытыахха сөп, манна инвестиционнай дохуот сүппэт.
Барыта 28 судаарыстыбаннайа суох биэнсийэ пуондата (НПФ) баар. Биэнсийэҥ судаарыстыбаннайа суох пуондаҕа баар буоллаҕына, сыллааҕы инвестициянан уонна мунньуллар биэнсийэни аныырынан, төлүүрүнэн бу пуонда (НПФ) дьарыктанар.
СЫЫППАРАЛАР
37,3 мөлүйүөн киһи – Социальнай пуондаҕа биэнсийэтин мунньар.2 триллион солкуобай – бу мунньунуу уопсай суумата.
7,6%-нан – Социальнай пуонда салайар хампаанньата (ВЭБ УК) 2023 сылга дохуотун үрдэппитэ.
133 солкуобай – 1 биэнсийэ коэффициенын (ИПК) 2024 сыллааҕы сыаната.
50 саастарын туолбут дьахталлар уонна 55 саастарын туолбут эр дьон страховой ыстаастара уонна биэнсийэҕэ коэффициеннара туолбут буоллаҕына, биирдэ барытын уурдаран ылыахтарын сөп:
– өскөтүн мунньуллар биэнсийэ кээмэйэ кырдьар сааһынан страховой биэнсийэ сууматыттан 5 %-нын ылар уонна онтон өссө кыра буоллаҕына. Маны хайдах ааҕыахха сөбүй?
Холобур, биир киһи мунньуллар биэнсийэтин суумата 400 тыһыынча солкуобай буолбут эбит, ону 264 ыйга (бырабыыталыстыба уурааҕынан, 2024 сылга бигэргэммит кээмэй) түҥэтэбит:
400 тыһ. солк. : 264 ый = 1515 солкуобай.
Бу суума кини страховой биэнсийэтигэр эбиллэр: 25 тыһ. солк. + 1515 солк. = 26 515 солк. Ол аата 5,7% буолла, 5%-тан таҕыста, онон мунньуллар биэнсийэтин биирдэ олордон ылар кыаҕа суох.
Өскөтүн кини страховой биэнсийэтэ 30 тыһыынча солкуобай эбит буоллаҕына:
30 тыһ.солк. + 1515 солк. = 31 515 солк. Бу бырыһыана 4,8% буолла, онон мунньуллар биэнсийэтин барытын биирдэ ылыан сөп.
Бу 5%-ҥа хапсыбакка, барытын биирдэ ылар кыаҕа суох буоллаҕына, мунньуллар биэнсийэтин киниэхэ ый аайы бытарытан төлүүллэр. Мунньуллар биэнсийэ сууматын 264 ыйга (22 сылга) түҥэтэллэр, оччоҕо ый аайы страховой биэнсийэтигэр эбиллэр суума тахсан кэлэр (холобурга көстөрүнэн, 1515 солкуобай). Ол аата, кини мунньуллар биэнсийэтин олоҕун устатын тухары ылар.
Маны тэҥэ, судаарыстыба кыттыгас үбүлээһинин бырагырааматын (государственное софинансирование) кыттыылаахтара, баҕа өттүнэн эбии усунуостары төлөөбүт дьон уонна Ийэ хапытаалын биэнсийэҕэ ыыппыт дьахталлар мунньуллар биэнсийэлэрин 10 сыл иһинэн ылыахтарын сөп. Бу биэнсийэҕэ суһал төлөбүр диэн ааттанар.
Өскөтүн киһи мунньуллар биэнсийэтин сууматын ылбакка, өлөн хааллын? Маннык түгэҥҥэ сокуонунан бигэргэтиллибит бырааптаах дьоҥҥо бэриллэр.
Бастакы уочарат кэргэнигэр, оҕолоругар, төрөппүттэригэр төлөнөр.
Иккис уочаратынан, өскөтүн бу киһи кэргэнэ, оҕолоро, төрөппүттэрэ суох буоллаҕына, бииргэ төрөөбүттэригэр, эһээлэригэр-эбээлэригэр, сиэннэригэр бэриллэр.
Бу киһи өлбүтэ 6 ый ааһа илигинэ, бырааптаах дьон биэнсийэ пуондатыгар сайабылыанньа суруйуохтаахтар.
Киһи бэйэтин биэнсийэтэ хайдах мунньулларын, туох чаастан турарын билиэхтээх. Кини кырдьар сааһынан биэнсийэҕэ тахса илик да буоллаҕына, мунньуллар биэнсийэтин ылыан сөп эбит. Ол эрээри, ымпыга-чымпыга элбэх. Онон “Госуслуги” портал нөҥүө сайаапка ыытан, эбэтэр, Социальнай пуонда саайтыгар Тус кэбиниэккэ биэнсийэҕит туругун билсиэххитин, эбэтэр, Социальнай пуондаҕа килийиэннэр сулууспаларыгар баран, ыйыталаһыаххытын сөп.
2023 сылга салайар хампаанньалар инвестицияларын дохуота
Салайар хампаанньа аата | Инвестиционнай бартыбыал аата | Дохуот бырыһыана |
Агана УК | Консервативный | 5,8 |
Агана УК | Сбалансированный | 9,6 |
Альфа-Капитал УК | 8,6 | |
БКС Управление благосостоянием УК | 6,4 | |
ВИМ Инвестиции УК | 12,1 | |
ВЭБ УК | Расширенный | 7,6 |
ВЭБ УК | Судаарыстыбаннай сыаналаах кумааҕы | 7,5 |
Лидер УК | 9,9 | |
Открытие УК | 5,3 | |
Первая УК | 14,7 | |
Промсвязь УК | 14,9 | |
Регион Траст УК | 6,2 | |
Регион ЭСМ УК | 5,3 | |
Сбережения Плюс УК | 10,6 |
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…