Мунньуллар биэнсийэҕэ уларыйыылар-тэлэрийиилэр…

Share

2024 сыллаахха “Саха сирэ” хаһыакка мунньуллар биэнсийэ туһунан сиһилии суруйан турабын. Ол эрээри, 2025 сылтан 424 №-дээх федеральнай сокуонунан, мунньуллар биэнсийэни ааҕыыга уларыйыылар киирбиттэрэ. Онон бу туһунан Социальнай пуонда мунньуллар биэнсийэ төлөбүрдэрин аныыр бөлөҕүн салайааччы Мария Ивановна Молгаровалыын кэпсэттибит.

Санаттахха, 2002 сыллаахха Арассыыйаҕа биэнсийэ эйгэтигэр улахан уларыта тутуу, реформа буолбута. Үлэни биэрээччилэр 2014 сылга диэри усунуостары страховой биэнсийэҕэ уонна мунньуллар биэнсийэҕэ иккиэннэригэр ыыта олорбуттара. Хамнас 6%-на мунньуллар биэнсийэҕэ барара. Манна 1967 сылтан бэттэх төрөөбүттэр хапсыбыттара. 2002 сылтан 2014 сылга диэри кинилэргэ бу ыытыллыбыт усунуостартан мунньуллар биэнсийэ суумата үөскээбитэ.

2008 сылтан баҕа өттүнэн биэнсийэ усунуоһун төлүүр бырагыраама баар буолбута. Маны тэҥэ, судаарыстыба кыттыгас үбүлүүр бырагыраамата 10 сыл устата үлэлээбитэ.

2014 сылтан ыла үлэни биэрээччилэр усунуостара бүтүннүү кырдьар сааһынан страховой биэнсийэҕэ бара турар (2013 сыл ахсынньы 4 күнүнээҕи 351 №-дээх федеральнай сокуонунан). Ол эбэтэр, мунньуллар биэнсийэҕэ билигин үп-харчы киирбэт. Ол оннугар Социальнай пуондаҕа да, судаарыстыбаннайа суох биэнсийэ пуондаларыгар да, салайар хампаанньалар (управляющие компании) диэннэр бааллар. Кинилэр бу 2002–2013 сылларга мунньуллубут биэнсийэ сууматын инвестициялаан, сылга, ортотунан, 6–12% үлүннэрэллэр.

Онон мунньуллар биэнсийэ суумата (2002–2013 сс. мунньуллубут суума + сыл аайы 6–12% инвестицияланар дохуот) сыллата үрдээн иһэр.

Мунньуллар биэнсийэ кимиэхэ ананарый?

  • — 1967 сылтан бэттэх төрөөбүт дьоҥҥо (2002–2013 сс. мунньуллубут суума);
  • — 1953–1966 сылларга төрөөбүт эр дьоҥҥо уонна 1957–1966 сылларга төрөөбүт дьахталларга (2002–2004 сс. мунньуллубут суума);
  • — Судаарыстыба кыттыгас үбүлүүр бырагырааматын кыттыылаахтарыгар;
  • — Баҕа өттүнэн усунуостарын төлүүр дьоҥҥо;
  • — Ийэ хапытаалын биэнсийэҕэ ыыппыт дьахталларга.

Ирдэбиллэр

Сокуон быһыытынан, Арассыыйаҕа мунньуллар биэнсийэни дьахталлар 55, эр дьон 60 саастарыттан ылар бырааптаахтар. Саха сиригэр, Уһук Хоту оройуонугар киирсэринэн, 5 сыл эрдэлиир.

Онон 50 саастарын туолбут дьахталлар уопсай страховой ыстаастара 20 сыл, 55 саастарын туолбут эр дьон 25 сыл, ол иһигэр “хотугу” ыстаастара 15 сыл, биэнсийэҕэ коэффициеннара 30 баалтан намыһаҕа суох буолуохтаах. Кинилэр бу кэмҥэ биэнсийэҕэ тахса илик да буоллахтарына, ылар кыахтаахтар.

Мунньуллар биэнсийэни 4 көрүҥүнэн ылыахха сөп:

1. Барытын биирдэ уурдаран ылыы.

2. Суһал төлөбүр (судаарыстыба кыттыгас үбүлээһинин бырагырааматын кыттыылаахтара, баҕа өттүнэн эбии усунуостары төлөөбүт дьон уонна Ийэ хапытаалын биэнсийэҕэ ыыппыт дьахталлар мунньуллар биэнсийэлэрэ 10–20 сыл иһинэн төлөнөр).

3. Мунньуллар биэнсийэ төлөбүрэ (мунньуллар биэнсийэтин олоҕун тухары ый аайы кыралаан ылар).

4. Өлбүт киһи чугас дьонугар — сокуонунан бигэргэтиллибит бырааптаах дьоҥҥо бэриллэр. Өскөтүн киһи мунньуллар биэнсийэтин ылбакка, өлөн хааллаҕына, бастакы уочарат кэргэнигэр, оҕолоругар, төрөппүттэригэр төлөнөр. Иккис уочарат, өскөтүн бу киһи кэргэнэ, оҕолоро, төрөппүттэрэ суох буоллаҕына, бииргэ төрөөбүттэригэр, эһээлэригэр-эбээлэригэр, сиэннэригэр бэриллэр.

Бу киһи өлбүтэ 6 ый ааһа илигинэ, бырааптаах дьон хайаан да сайабылыанньа суруйуохтаахтар: “Госуслуги” портал тус кэбиниэтигэр, эбэтэр, Социальнай пуонда килийиэннэрин сулууспаларыгар.

Мунньуллар биэнсийэни ааҕыы

Мунньуллар биэнсийэни ааҕыыга, биирдэ олордон ылыыга туох уларыйыы киирдэ? Сүрүнэ, мунньуллар биэнсийэ суоттанар суумата Арассыыйаҕа олохтоммут биэнсийэлээх тиийинэн олоруу алын кээмэйин (прожиточный минимум) 10%-тан намыһах буоллаҕына эрэ, ылар кыахтаах диэн буолла. Бу ирдэбилгэ хапсыбат киһи барытын биирдэ ылбат, атын көрүҥүнэн ылар.

2026 сылга биэнсийэлээххэ Арассыыйаҕа олохтоммут тиийинэн олоруу алын кээмэйэ — 16 288 солкуобай. Бу суума 10%-на — 1628 солкуобай буолар. Салгыы хайдах ааҕалларый?

Бырабыыталыстыба мунньуллар биэнсийэ күүтүллэр кэмин (ожидаемый период) олохтуур, ол 2026 сылга 270 ыйга тэҥнэһэр (2024 сылга 264 ый этэ). 15 сыл “хотугу” ыстаас баар буоллаҕына, 5 сыл эрдэ тахсарынан, бу 270 ыйга 60 ый эбиллэн биэрэр, оччотугар 330 ый буолар.

Холобуру көрүөххэ. 2026 сылга 50 сааһын туолбут дьахтар мунньуллар биэнсийэтэ 500 тыһыынча солкуобай буолбут. Кини барытын биирдэ ылар кыахтаах дуо?

500 тыһ. солк.: 330 ый = 1515 солк. Бу 1515 солкуобай 1628 солкуобайтан намыһах, оччотугар кини барытын биирдэ ылыан сөп.

Иккис холобур. 1974 с. т. дьахтар мунньуллар биэнсийэ туһунан билбэккэ, сайабылыанньа биэрбэккэ хаалбыт, онон ылбакка сылдьыбыт. Киниэхэ эмиэ 500 тыһыынча солкуобай мунньуллубут. 2024 сылга 50 сааһын туоларыгар күүтүллэр кэм 264 ый этэ, онно 60 ый эбилиннэҕинэ, 324 ый буолар. Ол эрээри, кини бу ылбатах
2 сылын 24 ыйын көҕүрэтэбит, оччоҕо 300 ый буолар.

500 тыһ. солк.: 300 ый = 1666 солк. Бу суума 1628 солкуобайтан үрдүк, оччотугар кини барытын биирдэ ылар бырааба суох.

Маннык ааҕыыга суума 1628 солкуобайтан таҕыстаҕына, мунньуллар биэнсийэни барытын биирдэ ылар кыаллыбат. Олоҕун устата ый аайы эбии төлөнөр (ортотунан, 1500 солк. кэриҥэ).

Түмүккэ

Киһи бэйэтин биэнсийэтэ хайдах мунньулларын, туох чаастан турарын билиэхтээх. “Госуслуги” порталга тус кэбиниэккэ киирэн, “тус счет выпискатын” ылаҕыт. Онно барыта сурулла сылдьар.

Киһи мунньуллар биэнсийэтэ Социальнай пуондаҕа харалларын дуу, судаарыстыбаннайа суох биэнсийэ пуондатыгар көһөрбүтүн дуу, чуолкай билиэхтээх. Сайабылыанньатын ол пуондаҕа биэриэхтээх. Холобур, биир киһи судаарыстыбаннайа суох пуондаҕа көһөрбүтүн өйдөөбөккө, сайабылыанньатын Социальнай пуондаҕа биэрбит, ол онтон аккаас кэлбитигэр, букатын аккаастаатылар дии саныыра сыыһа. Дьиҥэ, харалла сытар пуондата аныыр.

Онон, ымпыга-чымпыга элбэх. 50 уонна 55 саастарын туолаары сылдьар дьахталлар уонна эр дьон Социальнай пуондаҕа килийиэннэр сулууспаларыгар суруйтаран, эбэтэр, судаарыстыбаннайа суох пуондаҕа тиийэн, сиһилии ыйыталаһаргытыгар сүбэлиибит.

 

Recent Posts

  • Култуура сыла
  • Сонуннар

Дмитрий Баишев: “Бу киинэ тус бэйэбэр ураты буолла…”

…Киин куорат олохтооҕо Ньургун, син эмиэ сорох эдэр дьон курдук, туох да кыһалҕата суох пицца…

10 минут ago
  • Сонуннар
  • Спорт

«Триумфка» «Хаҥалас хапсаҕайа» турнир тыҥааһыннаах киирсиилэрэ саҕаланнылар

Киин куоракка «Триумф» успуорт уораҕайыгар тыҥааһыннаах киирсиилэр саҕаланнылар. Хапсаҕайдаһан тустууга норуоттар икки ардыларынааҕы күрэхтэһии көбүөрүгэр…

12 минут ago
  • Бырабыыталыстыба отчуота
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Соболоох оскуолатыгар хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыаҕа

Быйыл Муома улууһун Соболоох сэлиэнньэтин оскуолатыгар хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыаҕа. Маннык иһитиннэриини вице-премьер Георгий Степанов салайааччылаах…

40 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Николай Соловьев: «Бахмут мясорубкатыттан» тыыннаах хаалыы

«Уол оҕо биир күн ат өрөҕөтүгэр, биир күн ат уорҕатыгар» диэн норуот бэргэн этиитэ баар.…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сирин куораттарын биир кэлимник сайыннарыы хайысхатын сайыннарыахтара

Сири-уоту биир кэлимник сайыннарыы (СКС) Саха сирин куораттарыгар олох хаачыстыбатын тупсарар, ол иһигэр саахалланар дьиэттэн…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Дьулустаан Борисов Саха сиринээҕи волейбол федерациятын Кэтээн көрөр сүбэтин мунньаҕын ыытта

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Дьулустаан Борисов өрөспүүбүлүкэтээҕи волейболга федерациятын 2026 сыл саҕаланыытыгар тэриллибит…

2 часа ago