Салгыы
Муҥутуур кыайыылаах учуутал Екатерина Софронова

Муҥутуур кыайыылаах учуутал Екатерина Софронова

27.10.2022, 09:30
Бөлөххө киир:

Ханнык баҕарар киһи олорорун тухары кэрэҕэ, сырдыкка тардыһар.

Тымныы полюһунан аатырар Өймөкөөн улууһун Н.М. Заболоцкай аатынан Томтор орто оскуолатын 2011 сыллаахха бүтэрэригэр Екатерина Софронова учуутал буолар баҕалааҕа эрээри, суруналыыс идэтин талбыта.

Үөрэҕин ортолоон иһэн, «бу идэ миэнэ буолбатах эбит» дии санаабыта. Ол эрээри ылсыбытын тиһэҕэр тиэрдээт, үөрэҕин бүтэрэн баран, тута пединститукка магистратураҕа киирбитэ.  Онтон  Дьокуускайга 17 №-дээх оскуолаҕа алын сүһүөх  кылаас учууталынан үлэтин саҕалаабыта.

Сотору буолаат, бииргэ үөрэммит кыргыттара бэйэлэрин үлэлиир 12 №-дээх оскуолаларыгар ыҥырбыттарыгар, онно тиийэн таптыыр идэтигэр бэрт тахсыылаахтык үлэлиир.

Сөҕөрүм диэн, эдэр учуутал бары ыытыллар араас хайысхалаах куонкурустарга  кыттан, ситиһиилэнэн иһэр эбит. Ол курдук, ааспыт сылга «Сыл учуутала» өрөспүүбүлүкэтээҕи  куонкуруска биэс финалист ахсааныгар  киирбитэ.

Быйыл «Педагог-2022» куйаар ситиминэн ыытыллыбыт куонкуруска муҥутуур  кыайыылааҕынан тахсан, «Гран-при»  буолла. Былырыын эмиэ итинник  хайысхалаах куонкуруска тэҥнээҕин булбатаҕа, эмиэ муҥутуур кыайыылаах аатын ылбыта.

Быйыл алтыс эрэ сылын алын сүһүөх кылаас учууталынан үлэлиир  куорат оскуолатын эдэркээн учуутала Екатерина Софронова: «Маннык күөн күрэскэ кытта  сылдьан, киһи бэрт элбэххэ үөрэнэр, уопутурар. Чаҕылхайдартан чаҕылхайдар кыттар  буолан, ханнык да үөрэхтээҕэр олус туһалаах. Онон маннык куонкурустарга мин арыллабын, сонунтан сонун идиэйэни, бырайыагы толкуйдуубун«,- диэн санаатын үллэстэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 октября
  • 2°C
  • Ощущается: 2°Влажность: 93% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: