Муода сайдыытыгар туһуламмыт сиэссийэ ыытыллыаҕа
Бу күннэргэ ыытылла турар «Айар Дабаан» Креативнай нэдиэлэ чэрчитинэн «Үлэ кыбаартала» креативнай кластерга Саха сиригэр Муода индустриятын сайдыытыгар туһуламмыт дьыалабыай сиэссийэ ыытыллыаҕа.
Тэрээһин бүгүн, ыам ыйын 29 күнүгэр, 4-с этээскэ «Песочница» саалаҕа 15 чаастан саҕаланыаҕа. Манна муода сайдыытын боппуруостарын дьүүллэһиэхтэрэ уонна аан бастаан саха брендэтин өйүүр бырагырааманы дьүүллэһиэхтэрэ.
Тэрээһиҥҥэ «EIKIRIE» брендэни төрүттээччи Надежда Докторова, «Үлэ кыбаартала» креативнай кластер дириэктэрэ Наталья Нарушевич, «Cold Ink» брендэни төрүттээччи Николай Николаев, основатель «SoCold» ювелирнай брендэни төрүттээччи Валерий-Айхан кыттыахтара.
Сиэссийэ кэнниттэн Саха сирин брендэтинэн буолбут муода кэллиэксийэлэрин көрдөрүөхтэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: