Муома бөҕөһө Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирдэ
Халыма-Индигиир улуустарын уокуругуттан үгүс спортсмен араас көрүҥнэргэ ситиһиилэрдээхтэр.
Ол курдук, бу күннэргэ Муоматтан төрүттээх бөҕөс Артем Слепцов тустууга Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирбитин туһунан үөрүүлээх сонун кэллэ. Биллэн турар, эдэр дьону кэмигэр бэлиэтии көрөн өйүөххэ, ситиһиилэринэн кынаттанан үрдүктэн үрдүккэ дабайыыларын көҕүлүөххэ наада. Ыраах хотугу улуустар спортсменнарын өйөөччү, Ил Түмэҥҥэ Халыма-Индигиир уокуругуттан норуот дьокутаата, «Якутскэнерго» ПАУо генеральнай дириэктэрэ Гаврил Алексеев бу салааҕа туох үлэ ыытылларын туһунан санаатын үллэһиннэ:
— Соторутааҕыта буолан ааспыт тустууга Арассыыйа чөмпүйэнээтин долгуйа кэтээбитим. Онно Артем Слепцов бэркэ киирсибитэ. Бастыыр да кыахтаах этэ дии саныыбын. Артемы уонна кини тириэньэрэ Юрий Афанасьевы кытта бииргэ үлэлэһэбит. Спортсмен күрэхтэһиигэ, сборга айанныырыгар уонна иҥэмтэлээхтик аһаан күүстээх-сэниэлээх сылдьарыгар аадырыстаах көмө оҥорон өйүүбүн. Артем улахан күрэхтэһиилэргэ тустарын кэтиибин, ситиһиилэриттэн үөрэбин уонна өссө да кыайыы кэлэ турарыгар сыралаһан туран үлэлииригэр баҕарабын.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: