Муома Хонуутугар Индигиир өрүскэ уу таһыма үрдээтэ
28.06.2024, 13:58
Хаартыска: Мария Васильева (СИА)
Бөлөххө киир:
Муома улууһун Хонуу бөһүөлэгэр Индигиир өрүскэ ардахтарынан сибээстээн уу таһыма үрдээбитин туһунан СӨ ЫБММ управлениета иһитиннэрэр. Ол курдук бу күннэргэ уу таһыма аһары үрдээтэҕинэ намыһах сирдэри уу ылыан сөбүн туһунан сэрэтэр.
Суһал иһитиннэрии кэллэ даҕаны саамай наадалаах туттар малы-салы, докумуону, саппаас ас-үөл ылынан баран үрдүк сиргэ, дьиэ кырыыһатыгар эбэтэр эвакуационнай пууҥҥа тиийэр туһунан СӨ ЫБММ пресс-сулууспатыгар иһитиннэрдилэр.
+1
+1
+1
+1
+1
2
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: