Муома улууһугар «күөх рейс» тиийдэ
Бүгүн Муома улууһугар «күөх рейс» тиийэн үөрүүлэрэ үрдээтэ. Ыраах уһук хоту суол-иис суох сиригэр, бородуукта, оҕуруот аһа салгын аалынан эрэ тиийэр. Онон хоту сир дьоно «күөх рейси» туохтааҕар да ордук кэтэһэллэр.
Бу иннинэ тыйыс килиимэттээх хоту сиргэ сэтинньи саҥатыгар 5 туонна оҕуруот аһа – хортуоппуй, хаппыыста, луук, моркуоп, сүбүөкүлэ, куурусса сымыыта, үүт анаан бөртөлүөтүнэн тиийбитэ. Кэлбит таһаҕас тута Соболооххо, Төбүлэххэ, Сааһыырга тиэрдиллибитэ.
Оттон бу сырыыга Буор Сыһыы уонна Кулун Өлбүт нэһилиэктэригэр уонна улуус киинигэр – Хонууга тарҕаныа.
«Күөх рейстэрбит» бары кэмигэр кэллилэр, «Полярные авиалинии» хампаанньаҕа уонна «Опторг» тэрилтэ үлэһиттэригэр махталбытын тиэрдэбит. Ил Дархан көҕүлээһининэн 2021 с. эргиэн-логистика киинэ тутуллан саҕаламмыта. Бүгүҥҥү күҥҥэ тутуу ис бараанын оҥооуу уонна ититэр систиэмэҕэ холбоноро хаалла. Киин аһылыннаҕына таһаҕаһы таһыы өссө улаатыа», — диэн улуус баһылыга Дмитрий Аммосов санаатын үллэһиннэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: