Муома улууһугар «күөх рейс» тиийдэ

Share

Бүгүн Муома улууһугар «күөх рейс» тиийэн үөрүүлэрэ үрдээтэ. Ыраах уһук хоту суол-иис суох сиригэр, бородуукта, оҕуруот аһа салгын аалынан эрэ тиийэр. Онон хоту сир дьоно «күөх рейси» туохтааҕар да ордук кэтэһэллэр.

Бу иннинэ тыйыс килиимэттээх хоту сиргэ сэтинньи саҥатыгар 5 туонна оҕуруот аһа – хортуоппуй, хаппыыста, луук, моркуоп, сүбүөкүлэ, куурусса сымыыта, үүт анаан бөртөлүөтүнэн тиийбитэ. Кэлбит таһаҕас тута Соболооххо, Төбүлэххэ, Сааһыырга тиэрдиллибитэ.

Оттон бу сырыыга Буор Сыһыы уонна Кулун Өлбүт нэһилиэктэригэр уонна улуус киинигэр – Хонууга тарҕаныа.

«Күөх рейстэрбит» бары кэмигэр кэллилэр, «Полярные авиалинии» хампаанньаҕа уонна «Опторг» тэрилтэ үлэһиттэригэр махталбытын тиэрдэбит.  Ил Дархан көҕүлээһининэн 2021 с. эргиэн-логистика киинэ тутуллан саҕаламмыта. Бүгүҥҥү күҥҥэ тутуу ис бараанын оҥооуу уонна ититэр систиэмэҕэ холбоноро хаалла. Киин аһылыннаҕына таһаҕаһы таһыы өссө улаатыа», — диэн улуус баһылыга Дмитрий Аммосов санаатын үллэһиннэ.

What’s your Reaction?
+1
4
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өбүгэ үгэһигэр — уһуйаантан

Бу күннэргэ Нам улууһун Партизан нэһилиэгин “Кустук” уһуйааныгар Байанай ыйыгар анаммыт тэрээһини ыыттылар. Бу туһунан…

4 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Русскай Устье олоҕор үс араас көрүү баар

Сэтинньи 21 күнүгэр РНА СС Гуманитарнай чинчийиилэр уонна Хоту сир аҕыйах ахсааннаах норуоттарын проблемаларыгар институкка…

18 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Сахатранснефтегаз» мобильнай сыһыарыыта үлэлээтэ

"Сахатранснефтегаз" тэрилтэ килийиэннэрэ ыйы быһа саайтка баар тус кэбиниэттэригэр уонна мобильнай сыһыарыыга кыайан киирбэт буола…

24 минуты ago
  • Сонуннар

Үөһээ Бүлүү иниспиэктэрдэрэ Бүлүү өрүһүнэн айанныырга сэрэтэр үлэни ыыталлар

Үөһээ Бүлүү улууһун судаарыстыбаннай экологическай кэтээн көрүү иниспиэксийэтэ ЫБММ ГИМС иниспиэктэрдэрин кытары бииргэ «Куттала суох…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Сэтинньи 21 күнүгэр хайдах халлаан турда?

Бүгүн эһиэхэ халлаан хайдаҕый? Былыттаах дуу, күннээх дуу? Бүгүҥҥү күнүнэн ахсынньы 19 күнүгэр диэри турар…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Солоҕоҥҥо саҥа арыы сыаҕа аһылынна

Бэҕэһээ, сэтинньи 20 күнүгэр, Горнай улууһун Солоҕон нэһилиэгэр саҥа арыы сыаҕа арыллар үөрүүлээх тэрээһинэ буолла.…

2 часа ago