Муомаҕа балыыһа комплекса тутуллар

Share

 Хонууга аныгы балыыһа комплексын туталлар. Үлэ хаамыытын СӨ Доруобуйа харыстабылын миниистирин бастакы солбуйааччы Дмитрий Сергин, СӨ Бырабыыталыстыбатын отчуотугар тиийэ сылдьан, көрдө, билистэ.

Оройуоннааҕы киин балыыһа кылаабынай бырааһын Яков Бережневу кытта саҥа тутууга сырытта уонна бэдэрээччит «Кинг-95» бэрэстэбиитэлин көрсөн кэпсэттэ.

«Эбийиэк 40% бэлэм. Билигин бэдэрээччит эбии матырыйааллары уонна тэриллэри атыылаһан кыһыҥҥы суолунан аҕалар. Балыыһа комплексын этиллибит болдьоҕор, 2023 сыл бүтүөр диэри, тутан түмүктүүр соруктаахтар», — диэн иһитиннэрэр Сергин.

Эбийиэк «Доруобуйа» национальнай бырайыагынан, доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөх звенотун саҥардан оҥоруу бырагырааматынан тутуллар.  Үс мэндиэмэннээх тутуу икки блоктанар. Бастакыга симиэнэҕэ 104 киһиэхэ тиийэ сылдьар поликлиника былааннанар. Оҕо поликлиникатыгар педиатр, тиис бырааһын хосторо, быһыыны туруорар хос, процедурнай, ийэ уонна оҕо хоһо баар буолуохтара.  Улахан дьон поликлиникатыгар — профилактическай, терапевт, офтальмолог, психиатр, нарколог, невролог, хирург, дермато-венеролог, стоматолог хосторо былааннаналлар. Манна өссө быһыыны туруорар хос, процедурнай, анаалыстары ылар хос, о.д.а. киирэллэр.

Санатан эттэххэ, доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөх звенотун саҥардыы бырагырааматынан, Саха сирин биэс оройуонугар мэдиссиинэ бөдөҥ тэрилтэлэрэ тутуллаллар. Ол курдук, Хонууга, Бүлүүгэ, Уус Маайаҕа, Чурапчыга. Маны таһынан, Ытык Күөлгэ (Таатта улууһугар) поликлиника тутуллар.

Доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөх звенотун модернизациялааһын бырагырааматынан, 2024 сылга диэри  өрөспүүбүлүкэ уон нэһилиэгэр амбулаториялар, биэлсэр-акушер пууннара, ол иһигэр Кэбээйигэ Сиэгэн Күөлгэ уонна Орто Халымаҕа Өлөөкө Күөлгэ тутуллаллар. Маны сэргэ, доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэрэ мэдиссиинэ аныгы тэриллэринэн уонна тырааныспарынан хааччыллаллар.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Николай Матчитов: «Үөрүүбүт уонна махталбыт муҥура суох»

Биллэрин курдук, Саха сирин сайдыытыгар улахан  үлэни ыыппыт “Мин Сахам сирэ 21-с үйэҕэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи үтүө…

3 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр судаарыстыбаннай уонна муниципальнай сулууспалаахтары хоруупсуйаны утары үөрэтэр үлэни күүһүрдэллэр

Ахсынньы 4 күнүгэр Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев судаарыстыбаннай уонна муниципальнай сулууспалаахтар идэлэрин баһылааһыҥҥа…

23 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тааттаҕа «Манчаары оонньууларыгар» бэлэмнэнэллэр

Ахсынньы 3 күнүгэр Таатта улууһун олохтоох дьаһалтатыгар «Манчаары оонньууларын» тэрийиигэ уонна ыытыыга аналлаах сүбэ мунньах…

33 минуты ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Толоон сэлиэнньэтигэр саҥа култуура дьиэтин тутуута түмүктэннэ

Чурапчы улууһун Толоон сэлиэнньэтигэр саҥа култуура дьиэтин тутуута түмүктэннэ. Бэрэбиэркэ түмүгүнэн бырайыактыыр докумуон ирдэбилигэр сөп…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Таатта оройуонугар хачыгаар уокка сиэппит

Таатта улууһугар хочуолунай үлэһитэ эчэйии ылбытынан холуобунай дьыала тэрилиннэ. Бу туһунан ахсынньы 4 күнүгэр Саха сиринээҕи Силиэстийэлиир кэмитиэтин…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Чэгиэн

СҮБЭҺИТ: Тымныыттан, дьаҥтан хайдах харыстанабыт?

Тыйыс тымныылаах, хахсаат тыаллаах Саха сиригэр ордук кыстыкка киирии үгүс кыһалҕалаах буолар. Тыал, сиик, онтон…

2 часа ago