Салгыы
Муомаҕа икки нэдиэлэтээҕитэ сүппүт табаһыты көрдүүллэр

Муомаҕа икки нэдиэлэтээҕитэ сүппүт табаһыты көрдүүллэр

Ааптар:
05.07.2024, 15:01
СИА хаартыската
Бөлөххө киир:

Хонууга Халыматааҕы көрдүүр-быыһыыр этэрээт түөрт быыһааччыта сүппүт табаһыты көрдүү көттүлэр.

Бу туһунан СӨ быыһыыр сулууспатыттан иһитиннэрдилэр. Табаһыт ыстаадаттан икки нэдиэлэ анараа өттүгэр барбыт уонна күн бүгүнүгэр диэри ханна да баара биллибэт диэн суруллар. Хонууга быыһааччыларга эбии икки сирдьит уонна полиция икки үлэһитэ кыттыспыттар.

Маны таһынан, бөртөлүөтүнэн көрдөөһүн боппуруоһа быһаарыллар. Ол гынан баран, Муомаҕа билигин күн-дьыл туругуттан бөртөлүөт көтөр кыаҕа суох диэн СӨ быыһыыр сулууспата бэлиэтиир.

Санатан эттэххэ, бэс ыйын 28 күнүгэр Муома улууһугар бэлэмнээх буолуу эрэсиимин биллэрбиттэрэ. Курулас ардахтан Индигиир уута эбиллибитэ. ЯУГМС чахчытынан, Хонууга бүгүн, от ыйын 5 күнүгэр, сарсыарда уу таһыма 528 см. Кутталлаах кирбии 550 см.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
2
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
21 ноября
  • -29°C
  • Ощущается: -29°Влажность: 69% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: