Былырыын Муома улууһун Чуумпу Кытылыгар 2022 сыллаахха аатырбыт геолог Сергей Обручев Индигир өрүскэ тэрийбит эспэдииссийэтин суолунан араас бырайыактар ыытыллыбыттара.
Бу туһунан «Кытыл» түөлбэ салайааччыта Евгения Герасимова бу курдук кэпсиир:
— Былырыын атырдьах ыйыгар биһиги нэһилиэкпитигэр историческай суолталаах тэрээһин ыытыллыбыта. Биллиилээх геолог, ССРС Академиятын Наукаларын чилиэн — кэрэспэдьиэнэ, Сталин бириэмийэтин l степеннээх лауреата Сергей Владимирович Обручев уонна Төбүлэх нэһилиэгин олохтооҕо, бэйэтин кэмигэр, ууһутунан аатырбыт, 1926 сыллаахха Индигири чинчийэр эспэдииссийэҕэ сүрүн сирдьитинэн сылдьыбыт Дмитрий Егорович Старков-Миичикэ сырдык ааттарын үйэтитэр өйдөбүнньүк Мэҥэ таас арыллыбыта.
Быйыл алтынньы 19 күнүгэр «Кытыл» түөлбэ олохтоохторун (сал. Евгения Герасимова) уонна Дмитрий Старков — Миичикэ сыдьааннара Жанна Соркомова-Чуканова, Антон Вожжов төрөөбүт дойдуларыгар тапталларын биллэрэн, инники да өртүгэр нэһилиэкпит сайда-чэчирии турдун диэн «Туос тыы» өйдөбүнньүк бэлиэни уонна С.В.Обручев, Д. Е.Старков ыскаамыйаларын оҥорторон туруордулар. Манна нэһилиэк олохтоохторо Индигир Эбэни көрөн олорон дуоһуйа сынньаныахтара, кэпсэтиэхтэрэ-ипсэтиэхтэрэ.
Бу тэрээһини иилээн-саҕалаан Сынньалаҥ дьиэтин директора Анастасия Никулина ыытта, аал уоту Марина Эверстова аһатан алҕаата. Эҕэрдэ тылы нэһилиэк аҕа баһылыга Петр Никифоров эттэ.
… Ити курдук, ыраах Муомаҕа устуоруйаны үйэтитэр араас тэрээһиннэри ыыталлар.
Дьокуускайдааҕы суол-тырааныспар сулууспатын телеграм-ханаалыгар маршрутнай оптуобустар үлэлэрин хонтуруоллуур суһал лииньийэҕэ биир күн устата киирбит ыйытыылары…
Аҕыйах хонуктааҕыта Майа сэл. олохтооҕо, “СӨ ОДьКХ” ГУП Мэҥэ Хаҥаластааҕы филиалын тутаах үлэһитэ Иннокентий Неустроев…
Саха сиригэр ойуур баһаардарын умуруоруу туһунан "Пожары Якутии: спасаем лес во имя будущего" диэн документальнай…
Хоту арктическай улуустары аһынан-табаарынан хааччыйыы биир тирээн турар сорук буолар. Сайынын уу суолунан таһаҕас тиэммит…
Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгиттэн байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар "Малой" диэн позывнойдаах байыас Бүлүү улууһун олохтоохторугар,…
Орто Халыма куорат маастара Алексей Егорович Тарасов кэлэр сыл бэлиэтин -- Моҕойу хаартан оҥордо. [gallery…