Салгыы
Муона чараҥа Олоҥхо ыһыаҕын ыалдьыттарын көрсөр

Муона чараҥа Олоҥхо ыһыаҕын ыалдьыттарын көрсөр

19.06.2024, 11:00
Хаартыска -- Ньургуйаана Иллавпионова тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Аммаҕа ыһыллар Олоҥхо ыһыаҕа «Саҥарар саҥам сататын сабаҕалааҥ, этэр тылым эгэлгэтин эридьиэстээҥ» диэн торумҥа олоҕуран ыытыллар.

Олоҥхо ыһыаҕа ыһыллар улуустара, бастатан туран, ыһыах торумун (концепция)  оҥороллор. Аммалар ыһыахтарын  тоҕо  «Саҥарар саҥам сататын сабаҕалааҥ, этэр тылым эгэлгэтин эридьиэстээҥ» диэн тосхолунан ыыталларын туһунан Амма улууһун баһылыгын социальнай эйгэҕэ солбуйааччы Ньургуйаана Илларионованы кытта кэпсэттибит.

«Ала Булкун» олоҥхоттон саҕыллан

— Ньургуйаана Ивановна, аммалар туохха олоҕуран «Саҥарар саҥам сататын сабаҕалааҥ, этэр тылым эгэлгэтин эридьиэстээҥ» торуму ылынныгыт?

— Бу тыллар Амма улууһун Эмиһигэр аатырбыт Күөрэлэ алааска Мэҥэ тааска суруллан тураллар. Маны 2003 сыллаахха Эмискэ буолбут  бастакы Олоҥхо ыһыаҕын бэлэмниир кэмҥэ Вильям Яковлев толкуйдаабыт эбит. Бу – Амма аатырбыт олоҥхоһута Т.В. Захаров – Чээбий “Ала Булкун» олоҥхотун тыллара.  Ол эбэтэр биһиги олоҥхо тылын-өһүн ааҕыҥ, ис номоҕун өйдөөҥ, ырытыҥ — өй-санаа онно баар диэн өйдөөн, дьоҥҥо анаан этиллибит кэс тыл  быһыытынан ылыныахтаах эбиппит диэн санаанан салайтардыбыт. П.А. Ойуунускай 30 саха чулуу олоҥхоһуттарын ыҥыран истэн, 30 өйү-санааны бииргэ түмэр санааны ылыммыт. Чээбийи эмиэ ыҥыран истэн баран, ол 30 өй-санаа иһигэр киллэрбит. Онон саха өйүн-санаатын түмүү олоҥхото “Дьулуруйар Ньургун Боотур» оҥоһулларыгар Чээбий эмиэ кыттыбыт. Онон ити тыллар мээнэҕэ ылыллыбатылар.

    Айылҕа – тыын боппуруос

  — Кыыс Амма айылҕатын харыстааһын – эмиэ биир төрүөт буолуо?

— Олоҥхо ыһыаҕын торумугар айылҕаны харыстааһыҥҥа, чуолаан 1986 – 1995 сылларга Амма уутун хачайдааһын, маһын кэрдии туһунан ССРС Совминын уурааҕын көтүттэрбит, олоҥхо бу мэҥэ тосхолун научнайдык өйдөөн ырыппыт, Амма дьонун, философскай наука кандидата В.В. Федоров салайааччылаах уопсастыбаннай хамсааһын кыттыылаахтарын, СӨ Наукаларын академиятын, президиумун, академик Д.Д. Саввиновы, Амма үөрэҕин салалтатын уонна Амма райсоветын үлэһиттэрин ити этиллибит улуу мөккүөрү (атаан – мөҥүөн) наука көмөтүнэн быһаарбыттар диэн сыаналаан киллэрдибит. Олоҥхоҕо этиллэрин курдук, Ийэ айылҕа уута уолан баранарын, маһа охтон бүтэрин чиҥник өйдөөбүт уопсастынньыктарбытын кэриэстээн киллэрдибит.

    Амманы ааттаппыт дьон

Олоҥхо ыһыаҕын торума Амма улууһун устуоруйатын арыйара чахчы.

— Оннук. Саха сирин уопсастыбаннаһын, олохтоохторун билиитигэр Амма түҥ былыр дьон олохсуйан олоро сылдьыбыттарын туоһулуур ”Кулун Атах” култууратын сырдатабыт. Маны таһынан,  Саха сирэ — сыылка дойдута. Онон Амма нуучча политсыылынайдара дьон бөҕөнү үөрэппит, өйүн-санаатын сытыылаабыт сирдэрэ буолар. Ол историческай чахчыны тумнубакка, сахалар үөрэхтэниилэригэр, экэниэмикэлэрэ, култууралара сайдыытыгар улахан кылааттаах В.Г. Короленконы, кини үөрэнээччилэрин В.Н. Васильевы,  Н.Е. Афанасьевы уо.д.а. саха норуотун кэскилин сырдык өттүгэр туһаайбыттарын, Амманы дорҕоонноохтук ааттаппыт дьон быһыытынан торумҥа киллэрдибит.

Кинилэр олоҥхону үйэтиппиттэрэ

 — Амма ытыктанар, ааттара дорҕоонноохтук ааттанар олоҥхоһуттардаах улуус.

— Олоҥхо “сценическэй” устуоруйата саҕаланыытыгар улахан оруоллаах киһинэн  В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап буолар.  Кини Үстүүн Ноохсоороп, Екатерина Захарова Саха тыйаатырыгар киирэр суолларын аспыта, хойутун Дьулуруйар Ньургун Боотур олоҥхо сыанаҕа туруутугар олук уурбута. У.Г. Нохсоров М.Н. Жирковка, Г. Литинскэйгэ сүбэһит быһыытынан үлэлээбитэ уонна сүрүн дьоруойдар ырыаларын ыллаан биэрбитэ, каноннарын быһаарбыта. Маны барытын кини, Күннүк Уурастыырап этэринэн, Чээбийтэн истибит. Бэйэтин кэмигэр У.Г. Нохсоров Федот Потаповы тыйаатырга киллэрбитэ. Бэйэтигэр олордон эрэ үөрэппитэ, уһуйбута. Онон В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап, Екатерина Захарова, У.Г. Нохсоров, Ф.Ф. Потапов  уонна кинини учууталларын быһыытынан билиммит олоҥхоһуттар бары Саха сиригэр Чээбий оскуолатын ааспыт дьонунан буолаллар.

Саха народнай бэйиэтэ, олоҥхоһута Күннүк Уурастыырап төрөөбүт Саппыйа алааһа ыалдьыттары көрсөргө бэлэм

У.Г. Нохсоров историческай оруола Чээбий Мэлэх Мэхээлэттэн ылбыт үөрэҕин ылынан олоҥхо сценическай иннинээҕи уонна сценическай кэмнээҕи устуоруйаларын холбообут, былыргы каноннарын саҥа көлүөнэҕэ туттарбыт өҥөлөөх. У.Г. Нохсооробу Гаврил Колесов учууталынан билинэр. Ф.Ф. Потапов Дьулуруйар Ньургун Боотуру Саха автономиятын үбүлүөйүгэр сөп түбэһиннэрэн былыргы дьону истибит буолан, болҕомто ууран эпическэй каноннарынан туруорбута.  Саха биллиилээх артыыстара М.М. Лобанов, Ф.М. Лобанов, А.Е. Ильина, Айталина Адамова, Гаврил Колесов, Нина Чигирева о.д.а. сүрүн партиялары толорбуттара. Онон Амма дьоно саха олоҥхото бүгүҥҥүгэ күҥҥэ тиийэ сайдыытыгар кыттыгастара уонна оруоллара сүҥкэн.

  Торум чопчулара

— Онон түмүктээн эттэххэ…

— Этиллибити түмтэххэ, Аммаҕа ыһыллар Олоҥхо ыһыаҕын торума саха олоҥхотун туһунан араас чинчийиилэргэ, ырытыыларга киллэрэр чопчулара маннык: атаан-мөҥүөн мэлдьи баар, оннук кэмнэргэ эбии кытаатан, инникини санаан мэлдьи уһун тускуга салайар наада. Оннук салайыыга тирэх – айыы далбар кымньыы, үүн-тэһиин. Ол аата норуоту түмүү, сирдээһин, сөптөөх суолун тобулуу уонна ыйан биэрии. Холобур, ыарахан кэмҥэ Күннүк Уурастыырап оҥорбутун курдук: киһи айылҕа тойоно буолбатах, кини – айылҕа оҕото.  Айылҕа – киһи үрдүнэн буолар. Амма – түҥ былыргы култуура үөскүү, олохсуйа сылдьыбыт сирэ. Саха норуотугар үөрэҕи, сырдыгы аҕалбыт, үөрэхтэниигэ, сайдыыга сүҥкэн кылааттарын киллэрбит нуучча сыылынайдара элбэх сэбиэскэй интеллигенция чулуу бэрэстэбиитэллэрин иитэн таһаарбыттара. Чээбий – оскуолата саха олоҥхото сайдарыгар улахан өҥөлөөх. Үстүүн Нохсоороп курдук улуу олоҥхоһут бу оскуолаттан тахсыбыта, биллэр режиссер Ф.Ф. Потапов, норуот бэйиэтэ, суруйааччыта Күннүк Уурастыырап.

Амма ыһыаҕа Кыайыы уонна Эйэ ыһыаҕа буолар аналлаах. 1944 сыллаахха Амматтан төрүттээх норуот суруйааччыта Күннүк Уурастыырап көҕүлээһининэн Саха сиригэр Кыайыы ыһыахтара буолбуттара. Сэрии бүтэ да илигинэ. Онон Аммаҕа ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕын биир сүрүн тосхоло — ыарахан да кэмҥэ уһун тускуну түстээһин, эйэҕэ талаһыы диэн өйдөбүлү тутуһар. Амма ыһыаҕа — Эйэҕэ дьулуһар Кыайыы ыһыаҕа.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
21 ноября
  • -31°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: