Муора уутун “туустаах хоһунан” солбуйаллар

Share

Тыйыс айылҕалаах, тымныы кыһыннаах Саха сирин олохтоохторугар барыларыгар муораҕа баран туустаах ууга сөтүөлүүллэрэ кыаллыбат. Дьэ ол иһин араас тэрилтэлэр иитиллээччилэрин, үөрэнээччилэрин, үлэһиттэрин доруобуйатын тупсараары “туустаах хос” оҥоттороллор. Олортон биирдэстэринэн ковид дьаҥын кэмигэр Үөһээ Бүлүү улууһун Хоро оскуолатыгар аһыллыбыта.

Уопсайынан, “туустаах хоһу” доруобуйаны чөлүгэр түһэрэр соруктаах социальнай, үөрэх, доруобуйаны чэбдигирдэр тэрилтэлэр тэрийэллэр. Үөһээ Бүлүү улууһун Хоро оскуолатыгар, улуус үбүлээһинин көрөн, 2022 сыл кулун тутарыттан үлэлиир эбит.

Хаартыска: Р.В. Самсонова тиксэриитэ.

Оскуола иитэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы Розалия Самсонова: “Кэмпэндээйитээҕи туус хампаанньатын кытта сөбүлэҥ баттаһан, 2022 сыл кулун тутарыгар үлэҕэ киллэрбиппит. Саха сирин олохтоох тууһа – Кэмпэндээйи тууһа туһаныллар, туох баар аппараата барыта көрүллэр. Ковид кэнниттэн оҕолор, үлэһиттэр доруобуйаларын чөлүгэр түһэрэр, харыстыыр соруктаах тэрийбиппит. Үөһээ Бүлүү Д.С. Спиридонов аатынан 4-с нүөмэрдээх оскуолаҕа уонна биһиэхэ оҥорбуттара. Онон улууска маннык икки хос баар”, — диэн кэпсиир.

Хос олоччу туустан турар. Эркиннэриттэн көөрөттөн түспэтин курдук анал ньыманы туһаммыттар. Галогенераторга ыраастаммыт Кэмпэндээйи тууһун куталлар, онтон тахсыбыт туус паара эмтиир.

Хаартыска: Р.В. Самсонова тиксэриитэ.

“Күҥҥэ ортотунан түөрт уонча мүнүүтэ олоруллар. Улахан дьон нэдиэлэ курдук сылдьабыт. Гигиеническэй иитиигэ исписэлиис (сиэстэрэ) кыраапык оҥорон, күһүн үөрэх дьыла аһыллыаҕыттан саҕалаан кылаастары, үлэһиттэри уочаратынан киллэртээн доруобуйабытын бөҕөргөтүнэбит. Маассабайдык, көтүппэккэ сылдьыы туһалаах. Чахчы көмөлөөҕө биллэр. Тыынар уоргаҥҥа олус үчүгэй. Баастаах, хроническай, бронхиальнай ыарыылара көбө сылдьар дьон киирбэттэр. Тымныйан баран саҥа үтүөрбүт дьоҥҥо көҥүллэммэт. Маны сиэстэрэ барытын хонтуруоллаан, көрөн-истэн киллэрэр”, — диэн иһитиннэрэр.

Хоро оскуолата күн бүгүн 158 үөрэнээччилээх, 74 үлэһиттээх. Тыа сиригэр бу курдук “туус хосторо” арыллан ковид охсуулаах кэмигэр, ыарыы да кэнниттэн үөрэнээччилэр, педагогтар доруобуйаларын бөҕөргөтөргө туһанан эрдэхтэрэ.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга:  ахсынньы 14 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий?  Ленскэй, Халыма-Индигиир улуустарыгар, күнүс Дьааҥыга…

17 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Сыл учуутала-2024” күрэс кыайыылааҕын аата билиннэ

Нэдиэлэ устата барбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга лауреаттар,…

12 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирин биллиилээх дьоно “Покров и защита” уордьанынан наҕараадаланнылар

“Бары бииргэ Кыайыыга!” 1-кы Өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-патриотическай пуорумҥа “Покров и защита” уордьанынан Афганскай сэрии бэтэрээнэ Валерий…

12 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Ахсынньы 30 күнүгэр диэри сахалыы киинэлэри уонна кинигэлэри босхо көрүөххэ сөп

«Сахафильм» устуудьуйата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ «Киинэни ааҕабыт!» бырайыагы үлэлэттилэр . Ол курдук, Саха сирин…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бутлегертан 18 лиитэрэ арыгы былдьаатылар

Дьокуускайга полиция сулууспата сокуоннайа суох арыгы атыылааччылары буларга туһуламмыт рейдэлэри салгыы ыытар. Ол курдук, сокуоннайа…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Чурапчы пиэрмэрэ сири оҥорууга федеральнай субсидияны ылыаҕа

Арассыыйа бырабыыталыстыбата 15 эрэгийиэҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр, тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин оҥорууга үлэ ороскуотун толуйуу…

13 часов ago