«Муравьев-Амурскай 2030» бырагыраамаҕа сайаапка түһэриитигэр Саха сирэ 10 иһигэр киирдэ
21.03.2024, 16:12
«Муравьев-Амурский 2030» бырагыраама
Бөлөххө киир:
«Муравьев-Амурскай 2030″ бырагыраама III түһүмэҕэр былырыыҥҥытааҕар 40% элбэх сайаапка киирбит.
Сайаапка уопсай ахсаана — 4586. Саха сириттэн уопсайа 176 сайаапка киирбит.
«Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Уһук Илин сайдыытын 21 үйэ устата национальнай приоритетынан бэлиэтээбитэ». «Муравьев-Амурскай 2030» бырагыраама саҥа көлүөнэ лиидэрдэрин бэлэмнииргэ туһуламмыт. Куонкуруска Арассыыйа бары эрэгийиэннэриттэн олохтоохтор кытталлар. Биир миэстэҕэ 80 киһи куонкурустаһар.
Билигин бырагыраама чэрчитинэн 49 киһи үөрэнэ сылдьар. Бырагыраама иккис түһүмэҕэр Саха сириттэн икки киһи кытта сылдьар.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: