«Муравьев-Амурскай 2030» бырагыраамаҕа сайаапканы ыытарга тиэтэйиҥ
«Муравьев-Амурскай 2030» бырагыраама үһүс түһүмэҕэр сайаапканы кулун тутар 15 күнүгэр диэри ылаллар. Бу бырагыраама сүнньүнэн Уһук Илин уонна Арктика бөдөҥ бырайыактарыгар салайааччылары бэлэмнииллэр.
РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин XXI үйэҕэ Уһук Илин сайдыытын инники кэскиллээх диэн көрбүтэ. Онон Уһук Илин сайдыыта тэтимирэр.
«Дойду сайдыытын суолталаах дьайыылара XXI үйэҕэ дойдубут илин өттүгэр ыытыллыаҕа. Бырагыраама — каадыры эрэ бэлэмниир куонкурус буолбатах. Судаарыстыбаҕа сулууспалыыр салайааччылары бэлэмнээһин буолар. Манна Уһук Илин сайдыытыгар бэлэм дьону ааттыахха сөп», — диэтэ Уһук Илин уонна Арктика сайдыытын миниистирэ Алексей Чекунков.
Өскөтүн, бу үөрэх кэнниттэн судаарыстыбаҕа Уһук Илин эрэгийиэҥҥэ үлэлиир буоллахха «Муравьев-Амурскай 2030» бырагыраама нөҥүө босхо үөрэтэллэр. Бырагыраама биир сыллаах.
Бырайыак кыттааччылара этэллэринэн, үөрэх бырагыраамата теория уона быраактыка өттүнэн үөрэтэр. Бырайыак саамай сыаналанар хайысхата — идэлэрин толору баһылаабыт үөрэтээччилэри кытта алтыһыы буолар. Кинилэр уопуттара, сүбэлэрэ-амалара туохха да тэҥнэспэт диэн бэлиэтииллэр.
Манна бырагыраамата аҕыс үөрэтэр модультан турар. Хас биирдии түһүмэх 5-10 күнү ылар.
«Муравьев-Амурскай 2030» үөрэххэ кыттыыга ирдэбил: РФ гражданствота, 21 -35 саастаах эдэр дьон, үрдүк үөрэх (магистратура эбэтэр специалитет), судаарыстыбаҕа сулууспалыырга бэлэм буолуу. Үөрэх түмүгүнэн үөрэммиттэрин туоһулуур диплом бэриллэр.
Бастакы киирбиттэр былырыын бүтэрбиттэрэ. Бүтэрбит выпускниктар миниистир, кинилэр солбуйааччылара, нэһилиэк баһылыгын солбуйаачычылара, управление салайааччылара буолбуттара. Бу үөрэммит дьон 30% -ра дойду араас муннуктарыттан Уһук Илиҥҥэ олохсуйа кэлбиттэр. Ол курдук, Муравьев-Амурскай 2030» бастакы түһүмэҕэр үөрэнэн бүтэрбит Николай Бочков Саха сирин сыана бэлиитикэтин Судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин дуоһунаһыгар анаммыта.
Сиһилии сайтка билсиэххитин сөп: https://муравьевамурский-2030.рф.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: