“Муравьев-Амурскай 2030” бырагыраама үһүс түһүмэҕэр Саха сириттэн үс киһини таллылар
Уһук Илини сайыннарарга судаарыстыбаннай сулууспаҕа уонна институттарга каадыры бэлэмниир “Муравьев-Амурскай 2030” бырагыраама Сколково, Москватааҕы судаарыстыбаннай университет Азия уонна Африка дойдуларын институтун, Уһук Илиҥҥи федеральнай университет өйөбүллэринэн Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарар министиэристибэ Уһук Илини, Арктиканы сайыннарар корпорацияны кытта үлэлэтэр.
Бырагыраама үһүс түһүмэҕэр биир миэстэҕэ 80 киһи куонкурустаһар. Дойду бары 89 эрэгийиэниттэн сайаапка киирбит.
“Муравьев-Амурскай 2030” бырагыраама үһүс түһүмэҕэр Уһук Илин уокуруктан 35 кыттааччыны сүүмэрдээбиттэр, ол иһигэр Саха сириттэн үһүөлэр.
Госдуума бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ирина Яровая тыл этэригэр көлүөнэлэр солбуһууларын, омуктар түмсүүлэрин уонна сувереннай сайдыы, дьиэ кэргэн үгэстэрин, норуот итэҕэлин, харыстабыл туһунан тиэмэҕэ туһаайда.
“Икки түгэни бэлиэтиибин. Бастакытынан, саҥа сүүмэрдээһин курсаннарын кэккэлэригэр хас даҕаны анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа, биир «Хорсунун иһин» уордьанынан наҕараадаламмыт дьон бааллар. Иккиһинэн, курсаннар баһыйар улахан аҥаардара – Уһук Илин уокурук олохтоохторо. Бу сырыыга атын эрэгийиэн бэрэстэбиитэллэринээҕэр икки төгүл элбэхтэр. Сайаапка Арассыыйаттан барытыттан киирбитэ эрээри, Уһук Илин бөлөхтөннө, түмүлүннэ. Бу аата Уһук Илин сайдыыта, бастатан туран, дьоҥҥо сулууспалыан баҕарар Уһук Илин бэйэтин дьыалата буоларын көрдөрөр” – диэн Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарыы миниистирэ Алексей Чекунков бэлиэтээтэ.
17 курсант – судаарыстыбаннай сулууспалаах, атыттар араас эйгэ үлэһиттэрэ (энэргиэтикэ, урбанистика, үөрэх, мэдиссиинэ, успуорт, үп, инвестиция). Орто саас – 30. Бырагыраама түөрт курсана – элбэх оҕолоох төрөппүт. Салгыы манна аах.
Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: