“Муравьев-Амурскай 2030” бырагыраама үһүс түһүмэҕэр Саха сириттэн үс киһини таллылар

Share

Уһук Илини сайыннарарга судаарыстыбаннай сулууспаҕа уонна институттарга каадыры бэлэмниир “Муравьев-Амурскай 2030” бырагыраама Сколково, Москватааҕы судаарыстыбаннай университет Азия уонна Африка дойдуларын институтун, Уһук Илиҥҥи федеральнай университет  өйөбүллэринэн Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарар министиэристибэ Уһук Илини, Арктиканы сайыннарар корпорацияны кытта үлэлэтэр.

Бырагыраама үһүс түһүмэҕэр биир миэстэҕэ 80 киһи куонкурустаһар. Дойду бары 89 эрэгийиэниттэн сайаапка киирбит.

Хаартыска: sakha.gov.ru

“Муравьев-Амурскай 2030” бырагыраама үһүс түһүмэҕэр Уһук Илин уокуруктан 35 кыттааччыны сүүмэрдээбиттэр, ол иһигэр Саха сириттэн үһүөлэр.

Госдуума бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ирина Яровая тыл этэригэр көлүөнэлэр солбуһууларын, омуктар түмсүүлэрин уонна сувереннай сайдыы, дьиэ кэргэн үгэстэрин, норуот итэҕэлин, харыстабыл туһунан тиэмэҕэ туһаайда.

Хаартыска: sakha.gov.ru

“Икки түгэни бэлиэтиибин. Бастакытынан, саҥа сүүмэрдээһин курсаннарын кэккэлэригэр хас даҕаны анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа, биир «Хорсунун иһин» уордьанынан наҕараадаламмыт дьон бааллар. Иккиһинэн, курсаннар баһыйар улахан аҥаардара – Уһук Илин уокурук олохтоохторо. Бу сырыыга атын эрэгийиэн бэрэстэбиитэллэринээҕэр икки төгүл элбэхтэр. Сайаапка Арассыыйаттан барытыттан киирбитэ эрээри, Уһук Илин бөлөхтөннө, түмүлүннэ. Бу аата Уһук Илин сайдыыта, бастатан туран, дьоҥҥо сулууспалыан баҕарар Уһук Илин бэйэтин дьыалата буоларын көрдөрөр” – диэн Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарыы миниистирэ Алексей Чекунков бэлиэтээтэ.

17 курсант – судаарыстыбаннай сулууспалаах, атыттар араас эйгэ үлэһиттэрэ (энэргиэтикэ, урбанистика, үөрэх, мэдиссиинэ, успуорт, үп, инвестиция). Орто саас – 30. Бырагыраама түөрт курсана – элбэх оҕолоох төрөппүт. Салгыы манна аах.

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

«Саха Саарына Сааба»

Сэтинньи 22 күнүгэр Дьокуускай куоракка биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыатын хос…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүппүт дьон көһүннүлэр

Сэтинньи 23 күнүгэр Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  икки киһи сүппүтүн туһунан суһал  иһитиннэрии…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Георгий Олесов: “Хас биирдии быһахха алгыспын иҥэрэбин…”

Аммалар күндү күтүөттэрэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, тимир ууһа Георгий Олесов-Дьулус Уус сөбүлүүр дьарыга киниэхэ аҕатын…

6 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Рахманинов саалатыгар муусука көмүс дорҕооно кутулунна

Сэтинньи 19-23  күннэригэр Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа эдэр пианистарга норуоттар икки ардыларынааҕы II куонкурус үрдүк…

7 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Айталыны саҥа кинигэтинэн эҕэрдэлээтилэр

Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Арахсыы сүрүн төрүөттэрэ тугуй?

Былыр-былыргыттан  сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…

9 часов ago