«Муравьёв-Амурский 2030» сайаапканы хомуйуу түмүктэнэрэ чугаһаата
Судаарыстыбаннай сулууспаҕа уонна Уһук Илини сайыннарыы институтугар каадырдары бэлэмниир «Муравьев-Амурскай 2030» бырагыраама үһүс түһүмэҕэр туттарсыы салҕанар.
Сайаапкалары 2024 сыл кулун тутар 15 күнүгэр диэри туталлар. Бу бырагыраама сүнньүнэн Уһук Илин уонна Арктика бөдөҥ бырайыактарыгар салайааччылары бэлэмнииллэр. Бырагырааманы түмүктээбит эрдэтээҥҥи түһүмэх үөрэнээччилэрэ номнуо миниистир, миниистир солбуйааччыта, муниципальнай тэриллиилэр салайааччылара буолан үлэлии сылдьаллар, бастыҥ үрдүк үөрэх кыһаларыгар “Приоритет 3000” офистарын салайаллар.
«Муравьев-Амурскай 2030» үөрэххэ кыттыыга ирдэбил: РФ гражданствота, 21-35 саастаах эдэр дьон, үрдүк үөрэх (магистратура эбэтэр специалитет), судаарыстыбаҕа сулууспалыырга бэлэм буолуу. Үөрэх түмүгүнэн үөрэммиттэрин туоһулуур диплом бэриллэр.
Санаттахха, бастакы үөрэххэ киирбиттэр былырыын бүтэрбиттэрэ. Выпускниктар миниистир, кинилэр солбуйааччылара, нэһилиэк баһылыгын солбуйааччылара, управление салайааччылара буолбуттара. Бу үөрэммит дьон 30%-ра дойду араас муннуктарыттан Уһук Илиҥҥэ олохсуйа кэлбиттэрэ.
Сайаапкаҕытын бу сыл кулун тутар 15 күнүгэр диэри саайт нөҥүө биэриэххитин сөп: https://муравьевамурский-2030.рф/.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: