Салгыы
Мурун, күөмэй ыарыылара…

Мурун, күөмэй ыарыылара…

10.10.2022, 18:36
Бөлөххө киир:

Мурун, күөмэй, кулгаах ыарыылара нэһилиэнньэҕэ киэҥник тарҕаммыт ыарыыларынан биллэллэр. Ордук биһиэхэ, тыйыс тымныылаах Сахабыт сиригэр, тумуу, ангина уонна  респираторнай ыарыылары  билбэтэх киһи суоҕа буолуо.  Ким эрэ биирдэ эмэ, ким эрэ сотору-сотору ыалдьар.  Чуолаан оҕолор эрэйдэнэллэр.  Болҕомтоҕо ылбакка “атахха тура сылдьан”  тумуу эбэтэр күөмэй кытарыыта ааспат-арахпат ыарыыга кубулуйуон, атын органнарга охсуон сөп.

РФ доруобуйатын харыстабылын туйгуна, үрдүк категориялаах быраас Валерий Антонович Шишигин сүбэлиир:

— Мурун саамай тарҕаммыт ыарыыларыгар  ринит, синусит, мурун кутургуйата уонна гайморит киирсэллэр.  Күөмэй ыарыытыгар ордук ларингиты, фарингиты, тонзиллиты бэлиэтииллэр.  Оттон отит,  евстахиит кулгаах араахыматынан биллэллэр.

Бу араахымалар бэйэ-бэйэлэрин кытары ыкса сибээстээхтэр.  Ол иһин, “бэйэ-бэйэлэригэр” көмөлөһөллөр.  Отоларингологияны  кытары сибээстээх дьаҥ ыарыһахтан   уонна эмчиттэн дьоһуннаах сыһыаны ирдиир.  Үчүгэйдик эмтэммэтэххэ, ньиэрбэҕэ, сүрэххэ, тыынар органнарга,  иммунитекка куһаҕаннык дьайыахтарын сөп.

Үксүгэр тымныйан ыарыйдахха, тумуулаатахха, инфекция мурун нөҥүө күөмэйгэ уонна кулгаахха тарҕанар.   Кэмигэр үчүгэйдик эмтэммэтэххэ,  ыарыы дьарҕаҕа кубулуйуон сөп.  Ол иһин, кыра да тумууну уталыппакка эмтэниллэр.  Кырачааннарга ыарыыны бопсор быһыыны кэмигэр биэриэххэ наада.

Тумууну уонна отиты кэмигэр  эмтээбэтэххэ, кырачааннарга ириҥэлээх отит үөскүөн сөп.  Кинилэр булгуччу лор-бырааска эмтэниэхтээхтэр уонна  кэтэбилгэ сылдьыахтаахтар.  Оҕолор отиттыыларын сүрүн төрүөтүнэн  үксүгэр аденоидтар уонна хроническай тонзиллит бэргээһинэ буолар.  Оҕо түүнүн хаһыҥырыыр, тыынарыгар сыыгыныыр буоллаҕына,  төрөппүттэр дьиксиниэхтээхтэр.  Маннык оҕо холкутук утуйбат, түүн иигин кыайан туппат.  Кыра оҕолорго отит биллэрбэккэ сайдыан сөп.

Ыарыыны быраас эрэ быһаарар:

Куолай ыарыылара – 5 саастарын туола илик оҕолорго  гириип, куор, скарлатина уо.д.а. дьаҥнар сыстыганнаах ыарыылар содулларыттан үөскүөхтэрин сөп.

Хирургия ньыматынан эмтэниллэр:

Аденоидтар – бэлэс тамаҕын нөҥүө салгын ааһара кэһиллэр.  Ол муннунан тыыныыны уустугурдар, бэлэс тамаҕар инфекция киириитигэр, сотору-сотору ринитинэн  ыалдьыыга тириэрдэр. Суһаллык эмтэниллэр.

Хроническай тонзиллит – 2 сааһын ааспыт оҕо сотору-сотору  сыстыганнаах ыарыыларга, ангинаҕа хаптарар буоллаҕына сайдар.

Фарингит – күөмэйэ ыалдьар, сөтөллөр. Щелочнай ингаляция оҥоһуллар, күөмэйи оттор  көөнньөһүктэринэн  сайҕаныллар,  дезинфекциялыыр  сириэстибэнэн сиэтии, криотерапия ананар.

Бэлэс ыарыылара – оҕо арыый  улааттаҕына  эпэрээссийэлэнэр.

Мурунтан хаан барыыта —  ол төрүөтүнэн  сыстыганнаах ыарыылар, сүрэх-тымыр систиэмэтигэр  хаан ыарыыта,  быар цирроһа, о.д.а. буолаллар.

Мурун кутургуйата – хирургия ньыматынан эмтээһин бобуллар.  Бактерияны утарсар терапия, ардыгар физиотерапевтическай   эмтээһин көмөлөөх.

Лабиринтит – кулгаах иһэ сүһүрэр.  Хамсанарыгар мэйиитэ эргийэрэ, хотуолуура күүһүрэр, кулгааҕынан истэрэ мөлтүүр. Ыарыһах лигиччи сытыахтаах.  Антибиотиктар ананаллар.

Отит – кулгаах эмискэ анньар. Водород перекиһин суурадаһына туттуллар, бактерияны утарсар терапия, физиотерапия ананар.

Хаартыска интэриниэт ситимиттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -41°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: