Мууc чарааһынан, сэрэхтээх буолуу ирдэнэр
Нам улууһугар бу күннэргэ «Куттала суох муус» аахсыйанан биэдэмэстибэлэр икки ардыларынааҕы бөлөхтөрө рейдэҕэ сылдьан нэһилиэнньэҕэ сэрэтэр үлэлэри ыытар.
Үлэ сүнньүнэн уу эбийиэктэригэр, ол аата, күөллэргэ, үрэхтэргэ, өрүстэргэ дьон, тиэхиньикэ сырыытын хонтуруола буолар. Күһүн уһаан, өр кэмҥэ сылаас туран, халлааммыт хойутаан тымныйан, күөллэр, өрүстэр дьэ туран эрэллэр, ол иһин бу бөлөх үлэтэ өссө күүһүрэр.
Бу күннэргэ сэрэтэр бөлөххө киирбит Нам улууһун 23 №-дээх Баһаары утары судаарыстыбаннай сулууспа этэрээтин инструктора Андрей Никонов уонна Нам учаастагын ЫБММ дьоҕус суудуналарга судаарыстыбаннай иниспиэксийэ госинспектора И.Д. Кулаковскай холбоһуктаах рейдэлэри ыыталлар.
«Өрүс тураатын кытары бэйэлэрин олохторун харыстаабакка, быраабыланы кэһэн туран, муус аннынан балыктыыр дьон маҥнай тахсаллар. Оннук балыксыттарга быһаарар-өйдөтөр кэпсэтии ыытабыт, административнай боротокуол суруйабыт, мууска сэрэхтээх буолуу туһунан брошюра туттарабыт. Итини таһынан тырааныспар сылдьарыгар анамматах мууһунан туорааһыннарынан айанныыр суоппардарга ураты болҕомтону уурабыт. Мууһунан суол арылла илигинэ, муус букатын чараас эрдэҕинэ айаннааччылар да баар буолааччылар, олорго эмиэ сэрэтэр үлэ ыытабыт. Ону тэҥэ, бу сылдьаммыт, муус төһө халыҥаабытын кээмэйдиибит», – диэн баһаартан сэрэтэр бырабылаактыка инструктора Андрей Никонов бэлиэтээтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: