Тэйэр Хайаҕа мууһу эстэрэр үлэлэр көмөлөрүнэн харыыны үөскэтиэн сөптөөх кэлимсэ муус алдьанна. Ол туhунан СӨ нэһилиэнньэ олоҕор куттал суох буолуутун хааччыйар кэмитиэт бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Иннокентий Андросов иһитиннэрдэ.
Кини этэринэн, дэлби тэптэрээччилэр мууһу икки учаастакка алдьаттылар. Ол иһигэр Таатта улууһун Даайа Аммата сэлиэнньэ таһыгар муустаах хонууну.
Кини бүгүн Ленскэй аннынан Өлүөнэ эбэҕэ муус барыыта күүтүллэрин эттэ. Оттон Бүлүү өрүскэ муус алын кырыыта Сунтаар сэлиэнньэтиттэн аллараа сытар, Ньурба оройуонун диэки устан иһэр.
Маны тэҥэ Андросов атын өрүстэргэ балаһыанньаны кэпсээтэ. Балачча уустук быһыы Таатта өрүскэ хаар хойутаан ууллуутуттан бэлиэтэниэн сөп.
Дьокуускайдааҕы суол-тырааныспар сулууспатын телеграм-ханаалыгар маршрутнай оптуобустар үлэлэрин хонтуруоллуур суһал лииньийэҕэ биир күн устата киирбит ыйытыылары…
Аҕыйах хонуктааҕыта Майа сэл. олохтооҕо, “СӨ ОДьКХ” ГУП Мэҥэ Хаҥаластааҕы филиалын тутаах үлэһитэ Иннокентий Неустроев…
Саха сиригэр ойуур баһаардарын умуруоруу туһунан "Пожары Якутии: спасаем лес во имя будущего" диэн документальнай…
Хоту арктическай улуустары аһынан-табаарынан хааччыйыы биир тирээн турар сорук буолар. Сайынын уу суолунан таһаҕас тиэммит…
Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгиттэн байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар "Малой" диэн позывнойдаах байыас Бүлүү улууһун олохтоохторугар,…
Орто Халыма куорат маастара Алексей Егорович Тарасов кэлэр сыл бэлиэтин -- Моҕойу хаартан оҥордо. [gallery…